Page 130 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 130

буолуоҕай?!! Аллараа дойду айаҕыттан, аад биттэҕиттэн, орто
туруу дойдуттан тоҕо бачча ордук уолуһуйан, ийэ буоруттан
иэйэн-туойан уолбут эрэйдээх кэллэ буолла диэтэргит, муҥу-
рун булларбатах муур-таар бэйэкэлээх орто туруу дойду ба-
стыҥ баһылыга буолбут, барамматах баайдаах, үтүрүөбэтэх
өнөрдөөх, көҕүрүөбэтэх күскэмнээх, кэхтибэтэх кэскиллээх,
уостубатах уйгулаах Улуу Кудаҥса тойонтон, киһи кинээһит-
тэн, саха саарыттан суорумньу уол буолан кэлэн турабын...
Кыра кыыскытын уолугар ойох, кыра уолгутун кыыһыгар эр
кэпсэтиннэрэ ыытта... Дьэ, ону үтүө бэйэлээхтэр, үрдүк соло-
лоохтор, тугу дииргитин иһитиннэрэ охсуҥ», — диэтэҕэ.

    Онуоха баара буоллаҕына, оҥолдьуйар уолугун үүтүттэн
умса ытылла олорор уот оҕурук айахтаах, хантайар муос ха-
барҕатыгар бэс кытыйа саҕа сиикэй эт бэргэ мэҥнээх, хайа
хайдыбытын курдук хаспахтаах харахтаах, сыыр быстыбытын
курдук сылларытта сытыйбыт сымыһахтаах Улуутуйар Улуу
Суорун оҕонньор, тимир бэкидээл бэйэтэ аппа курдук амаан-
дьамаан айаҕа аппас гына түһэн, ардахтаах сэттэ күөх дьэбин
тиистэрэ атыгыр гынан аастылар. Тордохтоох тимир дьиэ-
һин сирэйэ ньолос гына түстэ уонна куорааннаах хаан-далай
ытыһынан бэркиһээн өттүгүн охсунна. Сөхтөҕө буолан киэр
хайыһан баран, айаҕын аҥаар илиитинэн саба тутунна, аҥаар
илиитинэн саба сапсыйда: «Ээ, улуу күтүөр, инньэ диэмэ!
Киэр, киэр! Хайа сахха саҥарыллыбыт саҥаны саҥара ту-
раҕын? Ол охтон баранар мастаах, уолан симэлийэр уулаах,
орто туруу-дьаҕыл дойдуга үөскээбит, сиик-туман тыыннаах,
иэдьэгэй эттээх, ириҥэ мэйиилээх урааҥхай саха барахсан
биһиги диэтэх дьон уоттаах улуу моҕой тыыммытын хайдах
кыайан тулуйуоҕай?!! Киэр, киэр!» — диэн кылыгыраччы илгис-
тэн кэбистэҕэ.

    «Дьэ мин даҕаны инньэ диэн көрбүтүм да, чиккэйэн турар
сиһим үөһүн быһа тардыах, хайҕахтаах хара быарым икки ойо-
ҕоспунан быгыалыар диэри тараах иэнниэх, тыыммын иһил-
лээн өлөрүөх буолбутуттан бу кэлэн ытыы-соҥуу, иэйэ-куойа
турабын, былыр-былыргыттан, эдэр эрдэхпиттэн эһиги эрэ
иннигитигэр диэммин, иэримэ дьиэлэммэтэҕим, иитэр сүө-
һүнү күрүөлээбэтэҕим, төрөтөр оҕону төлкөлөөбөтөҕүм, кэнтик-
китигэр кэнийбитим, аартыккытыгар арбаабытым, кэннибэр
сиэтэммин, иннибэр үүрэммин, көхсүбэр сүгэммин, түөспэр
көтөҕөммүн хоой хостуурдаах, төргүү сүөрэрдээх буолан кэл-
лэхпинэ, ойуун уолбут эрэйдээх кэллэ эбээт диэҥҥит айхал-
лыыр этигит буолбаат?!! Өлөр-хаалар күммэр сүүспүттэн өйүөх

 130
   125   126   127   128   129   130   131   132   133   134   135