Page 133 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 133
хаччыланна, илин диэки суон саал мохсуоланна, халыҥ тирии
хайынна, уһун уҥуох урусхалланна, толоон-алаас омооно көс-
түбэт гына туман оргуйда, онон-манан сыа сыта сабыта биэрдэ.
Үөһээ дойду үтүөлэригэр энньэ ситии биэрэн туттарга сөп-
төөх дьүһүннээх сылгы сүөһү атыыр өттүн булан бөрүөттүү
буолла.
Улуу Кудаҥса обургу ыраах ыалларын ыҥыртарда, чугас
ыалларын мустарда, аймах-билэ дьоннорун аҕалтарда, үксэ-
дьүүлэ биллибэт үгүс норуот кэллэ, ахсаана биллибэт халыҥ
хамаанда мунньуһунна.
***
Тохсунньу ый тохсус күнүгэр күн ортотуттан ыла мас баһа
күлүгүрэн барда. Соҕуруу суоду маҥан халлаан анныттан кэҥ-
сик-муҥсук сыттар сабыта охсон түстүлэр — күн киэһэ-рэн
истэҕин аайы, сыт-сымар ордук ыараабыт, дьиэ-уот, сэп-
сэбиргэл ордук күлүгүрэ барыйбыт. Мустубут дьон бука ба-
рылара куттананнар, уҥуохтара кыйыттан, эттэрэ салаһан,
төбүрүөннэһэ-төбүрүөннэһэ, дьиэ аайы симсибиттэр, ыал
аайы хорҕойбуттар.
Чачыгыр Таас ойуун кыырар кыаһааннаах таҥаһын таҥнан,
дэгдэли куйах дүҥүрүн ылан, уот иннигэр олбоххо олорон
эрэ, дьиэ бүтэй былаайаҕынан чарапчыланан эргим-ургум
көрө олорбут. Бу курдук олорбохтоон баран, дүҥүрүн үс тө-
гүл охсон лүҥкүнэттэ уонна: «Түҥүрэттэргит-ходоҕойдоргут,
ыҥырыылаах ыалдьыттаргыт, нүһэр хоноһолоргут, суорум-
ньулаах дьонноргут кэллилэр. Дьиэллэ тэлэйиҥ, аанна аһыҥ,
тэһииннэ тутуҥ! Диэрэ-дэпсэтэ быраҕыҥ, олбохто ууруҥ!» —
диэн саҥа аллайда, дьиэлээхтэр тэҥнэһиэхтэрэ кэлиэ дуо —
дьиэллэрин тэлэйэн, ааннарын аһан көрө түспүттэрэ: алтан
солуур түгэҕин курдук кыһыл-дьэбидик ый тахсыбыт, орто ту-
руу дойду хаардаах туналы маҥан ньуура, хаанынан сууммут
курдук, барык-сарык кытара сырдаабыт, аан дойду тыатын
маһын күлүгэ улаатан дьүөкэҥнэс буолбут. Толоону-сыһыыны,
алааһы-тыаны тобус-толору, ыйдаҥатааҕы тиит күлүгүн кур-
дук, эҥин араас кыталык-элэмэс, хоҥор-кугас аттаах дьон ба-
рыҥнас гына түспүттэр.
Дьиэ ааныгар күлүктэр көстөн сүөдэс-барыс ойдулар, он-
тон бэрт ыарахан, бэрт сытыган сыттар дьиэ иһигэр сабыта
оҕустулар. Ол кэнниттэн икки харах уота, көҕөрбүтүнэн су-
буруйан киирэн, хаппахчы ааныгар дьөлө иҥэн хаалла, икки
133