Page 136 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 136

кытта, хотон иһигэр сүөһү үөһүн тартаран бэрт улахан орула-
һыы буолла, бэрт ыарахан ынчык иһиллэн өрө тиҥиргээтэ.

    Үлэһит дьахталлар тиэрэ-маары тэбинэн сырсан киирэн көр-
бүттэрэ — хотон иччитэ буолбут ынахтара, тиэргэн иччитэ буол-
бут оҕустара, ураа муостарын баар суох күлүктээх өттү-лэрэ,
томороон сүөһүлэрэ тылларын таһааран туора быраҕан, айахта-
рыттан хааннаах үрүҥ күүгэн үллэн, сорохторо өлөн түөрт атах-
тарын адаарыччы тэбэн дыгдаһан сыталлар эбит, сорохторо
өлөөрү харахтарын өҥүргэһинэн көрөн, көбүөхтүү-көбүөхтүү ти-
ҥиргэччи ынчыктаан, атахтарын адаарытан эрэр эбиттэр.

    Дьахталлар барахсаттар, маны көрөөт, сүрэхтэрэ ыалдьан,
сүрдэрэ хамсаан ытаспытынан төттөрү сырсан таҕыстылар.
Дьахталлар саҥардыы оһох кэннигэр кэлэн эрдэхтэринэ, дьиэ
таһыттан сылгыһыт уолаттар сырсан киирэннэр, Улуу Кудаҥса
иннигэр атах салҕа буолан, тыҥа быһаҕас буолан, эппэҥнии-
бөтүөхтүү мэҥилдьиһэ турбуттар эбит.

    — Оо, дьэ, аан алдьархай эбит! Дьэ, иин илдьиркэй эбит!
Хаарыан сылгыларбыт! Алаас аайы атыырбыт бастыҥа, сыһыы
аайы сылгыбыт үтүөтэ, толоон аайы биэбит талыыта умса тү-
һэн эрэллэр... Хаарыан атыырдарбыт! Хаарыан биэлэрбит!
Һуу! Бу туох үлүгэригэр түбэстэхпитий! — диэн ытаһа-ытаһа,
харахтарын уутун сылгы тыһа үтүлүктэринэн туора-маары сот-
тон көбүөхтэһэ турдулар.

    Ураа муостаах, сыспай сиэллээх аһыыта саҥардыы намтаан
эрдэҕинэ, үһүс үлүгэр буолла: эр дьон талыылара, дьахтар
дьон бастыҥа, Кудаҥса дьонун талар үтүөлэрэ өлөн барбыттар,
сорох дьоно, үөстээбит сүөһү курдук, иҥиир ситиилэрин тар-
таран, харахтарын дьүккэтинэн түҥнэри көрөн баччыгыныы-
баччыгыныы өллүлэр, сорох дьоно көхсүлэрин хаанынан саба
тыбыыран, тыыннара хаайтаран, бопторо-бопторо, сүр баҕа-
йытык өрүтэ харбыалаһан, тарбачыһа-тарбачыһа үөгүлээбити-
нэн өллүлэр.

    Улуу Кудаҥса дьиэтигэр урукку өттүгэр дьол-соргу уйа-
ламмыта, үөрүү-көтүү иитиллибитэ. Билиҥҥитэ буоллаҕына,
аһаҕас эттээх, тэбэр сүрэхтээх, уйаҕас куттаах кыайан олорбот
аймааһына-алдьархайа, иэһиитэ-туоһуута буолла. Урукку өт-
түгэр улуу баһылыкпыт, аҕа тойоммут Улуу Кудаҥса ол курдук
абыраабыта, бу курдук абыраабыта дэһэр этилэр, билиҥҥитэ
буоллаҕына: «Бу Кудаҥса сиэтэ-аһаата, бу Кудаҥса адьарай
айаҕар анньан биэрдэ», — диэн бар дьоно хааннааҕынан ытаа-
тылар, өргөстөөҕүнэн саҥардылар.

    Улуу Кудаҥса иҥиэттэ-иҥиэттэ, дьиппинийэ-дьиппинийэ

 136
   131   132   133   134   135   136   137   138   139   140   141