Page 139 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 139
аатырда, арай Улуу Кудаҥса эрэ үс саха үөскүүрэ кэхтиэн
иннигэр, түөрт саха төрүөҕэ төннүөн туһугар бу тохсунньу ыйга
абааһы аймаҕын кытта уруурҕаспыта-хаанырҕаспыта диэн өс
номоҕо үксээтэ.
Оксиэ-ньии, оҕолоор! Эрэй-буруй обургу, муҥ-сор баҕадьы,
санаа-оноо бөҕө икки атахтаах улуу-модун да күүстээҕин умса
мииннэллэр эрэ, өрө көбүппэттэр эбит: бии мааҥы бэйэлээх
көҥүлүнэн сылдьыбыт, талбытынан туттубут, модун санаа-
тын күүһүнэн сир-халлаан тутуллан турар ыйаахтарын сыыһа-
тын-халтытын көннөрөн, икки атахтааҕы уһун дьоллуон баҕар-
быт, сэттээх-сэмэлээх буолуо диэн дьулайбатах, иэстэбиллээх
буолуо диэн куттамматах Улуу Кудаҥса барахсан, күүһэ-күдэҕэ
күүгэн курдук уостан, баайа-талата туман курдук көтөн, өйө-са-
наата татыарыйбыт, хараҕын уота умуллубут, бэрт түргэнник
түҥ-таҥ түспүт, бүдүк-бадык буолбут. Бөкчөччү кырдьыбыт.
Санныгар кэппит таҥаһа илдьирийэн тохтубут, кирдээх-хох-
тоох этэ онон-манан килэҥнээн көстүбүт. Аймах-билэ дьоно,
уруута-хаана имири быстаннар, дьиэтин-уотун ким да бөхсүйбэт
буолан, сыбаҕа куккуруу тохтон, кунус буолан өрө үлүннэ, сы-
тыган эрбэһин уонна түүнүктээх тэллэй саба үүнэн таҕысты-
лар. Балаҕанын холлоҕосторо адаарыһан-адыгыраһан бараннар
эмэх буоллулар, дьиэтин үрдэ эмэхсийбит өһүөлэрин самнары
баттаан сиҥнэн түһэн, хаар-самыыр сайа охсубут. Онон алаһа
дьиэтэ өтөх буолан, көтүөл-таһаал буолбут, күүдээх уйаламмыт,
ооҕуй оҕус ситимнэммит.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх дьиэтин аҥаар муннугар, бастыҥ
баҕанатын төрдүгэр, өтөх иччитин курдук, хардаҥ отунан уйа
оҥостон, кыһын хаартан-тыалтан, сайын куйаастан-ардахтан
саһар эбит. Аччыктаан аһыан эрэ баҕардаҕына, куртаҕа ньүө-
лүйдэҕинэ, маҥалайа батарбатаҕына, тайаҕар тэптэрэн тахсан,
ааттаах алааһын киэргэлэ буолан үөскээбит улуу күөлүгэр кии-
рэн, кутуйахтаан-күтэрдээн, күнү-күннүктээн тэмтэрдээн-баа-
кардаан, амынньыары хомуйан уот оттунан, бултаабыт бул-
тарын үтэн, саллан сиикэйдии-буһуулуу сиир эбит. Тамаҕа
хаттаҕына, куолайа куурдаҕына, силэ хойуннаҕына, бэркэ ык-
саатаҕына, күөлүгэр киирэн ат буолан туран эрэ сүөһү курдук
ууну уулуур буолбут эбит. Оксиэ! Киһи да барахсан кырдьан-
дьадайан кэхтэр-бохтор буолар да эбит, оҕолоор!
139