Page 142 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 142

эрэллэрин уоттаах чолбону үлтү кырбатаммын өрүһүйбүтүм
сэт-сэмэ, аньыы-буруй эбит дии?!! Оччоҕо тоҕо Уот Дьөһөгөй
сылгы сүөһүнү айбытай, тоҕо Айыыһыт Хаан хотун ахтар айыы-
һыт буолан ынах сүөһүнү айбытай!

    Эн этэргинэн буоллаҕына, айыы хаан аймаҕын орто туруу
дойдуга олохсуйбатын диэн үөһээ бөҕөлөр төлкөлөөбүт эбит
буоллахтара дии! Ити курдук буоллаҕына, ити мин икки атах-
тааҕы, иннинэн сирэйдээҕи үөһээ абааһы өлүүтүн дьаҥыт-
тан өрүһүйээри уруурҕаспытым-хаанырҕаспытым аньыы-буруй
буолуох тустаах. Дьэ оччоҕо бу орто туруу курбуу-дьирбии
дойдуга тоҕо үөһээ Үрүҥ Аар Тойон бииһин ууһуттан устаты
сирэйдээх урааҥхай саханы Айыыһыт ийэ хотунунан көтөхтө-
рөн, Аан Алахчын хотунунан араҥаччылатан, Иэйиэхсит ийэ хо-
тунунан иэримэ дьиэтин иччилэттэрэн, алаһа дьиэлэтэн, аал
уоттатан, төрөтөр оҕону төлкөлөтөн анаан-айан, ыйан-кэрдэн
олохтообуттара буолуой?!! Эн бэйэҥ, быһыыта, хайдах эрэ икки
атахтаах аналын, аан дойду ытык ыйааҕын сыыһа сыаналыыр,
сыыһа саныыр быһыылааххын.

    Мин санаабар, үс дойду сокуона, икки атахтаах анала маннык
буолуох тустаах — орто туруу дойдуга күүскүт кыайарынан, өй-
гүт ситэринэн, хайдах үчүгэй буолуоҕунан, бэйэ-бэйэҕитин өйө-
һөн-убаһан олоруҥ, эккит-хааҥҥыт ситэринэн үөскээҥ-тэнийиҥ
диэн буолуох тустаах, атын буолуор сатаммат! Ону бу эн курдук
сыыһа өйдөөччүлэр, тиэрэ-маары үөрэтэннэр, үлүгэр-алдьархай
бөҕө буолла быһыылаах», — диэн Улуу Кудаҥса тыл эттэҕэ.

                                             ***

    Аар-татай, оҕолоор! Икки да атахтаах бачча буолуор диэ-
ри модун санаата бохтубат, күүстээх өйө күлгэдийбэт буолар
эбит! Чачыгыр Таас ойуун уоска оҕустарбыт курдук ах барда,
сөҕүөҕүнэн диэн сөхтө, бэркиһиэҕинэн диэн бэркиһээтэ: Улуу
Кудаҥса эрэйдээх бу айылаах буолан олорон, уоттаах тылла-
нан бу курдук саҥарыа дии санаабатах эбит.

    Улуу Кудаҥса уһун сордоох, олорбохтоон баран, эттэ: «Дьэ,
үөлээннээҕиэм, аны миигин былыргым курдук ким бултаан-ал-
таан аһатыай! Арай бэйэм эрэ тайахпар тэптэрэн тахсаммын
күтэри, күүдээҕи бултааммын аһаатахпына аһыаҕым, суох буол-
лаҕына үөн-көйүүр курдук хоргуйан өлүөм буоллаҕа... Санаа
бөҕө быһа миинэн, күүс-күдэх баранна, сыра-сылба быһын-
на, онон арай күүстэ салҕаатаххына сөп буолсу. Былыр бар
дьон этэр этилэр — аллараа дойду айаҕар, үс күлэр ньүкэн

 142
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147