Page 141 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 141
хоһоонун, уос номоҕун?!! — диэн Чачыгыр Таас ойуун тыла
улам-улам иччилэнэн, саҥата чиҥээн, хараҕа уоттанан барда.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх ол аайы улам-улам ньыхайан, баһын
умса туттан, кистэнэн барда, икки илиитин куҥ курдук най
быраҕан кэбистэ, икки хараҕын быһа симнэ, сарбаччы үүммүт
баттаҕа сирэйин-хараҕын, көхсүн, түөһүн саба түһэн, сылгы
сиэлин курдук нэмирийдэ. Ол курдук умса түһэн, ньохчойон
олорбохтоон баран, өрө тыынан, көхсүн иһигэр эрэ киҥинэ-
йэн ыйытта: «Буруйбун-аньыыбын билинэн туран көрдөстөх-
пүнэ, айыы хаан аймахтара, күн өркөн уустара, үрдүк халлаан
үтүөлэрэ буруйбун-аньыыбын бырастыы гыныахтара этэ дуо?»
— диэн.
— Хайдах кыайан бырастыы гыныахтарай? Соҕотох айыы
эрэ аймаҕар оҥоһуллубатах ыйаах буолар, үс аан дойду үр-
дүнэн айыы-абааһы икки үйэттэн үйэ тухары бас бэринэн,
утары турбакка, туора кэспэккэ олороллоругар оҥоһуллубут
улуу ыйаах диэн буолар. Ол ону эйигин эрэ ааттаста диэннэр,
оннук уоттаах сокуону, оннук ытык ыйааҕы уларытан иһиэх-
тэрэ дуо? Хайа, оччоҕо үс аан дойду үс улуу модун кулугулара
төлөрүйэн, үс күлэр сындыыстара булгуруйан, киҥкиниир киэҥ
халлаан киэбэ уларыйыаҕа, орто туруу дойду олоҕо долгуйуо-
ҕа, аллараа дойду аймана дьалкыйыаҕа, — диэн Чачыгыр Таас
ойуун саба саҥарбыт саҥатын дуораана өтөх иһигэр дүҥүр
тыаһын курдук өрө лүҥкүнээтэ, тыа бастарынан ой дуораана
буолан сатараата.
Улуу Кудаҥса эрэйдээх, ону истэн баран, күрдьүөттээбит
атыыр оҕус курдук, икки арҕаһынан өрө үллэн таҕыста, хараҕа
уоттанна, ойуун диэки өһөхтөөҕүнэн өрө көрөн турулутта.
Бу да дьүдьэйэн-дьүккүрэн олордор, укулаат тимир бии-
лээх сүгэ биитэ буор анныттан өрө килбэйэн сытарын курдук
дуу, биитэр уоттаах чох күл анныттан өрө сирэлийэн чолбоо-
дуйбутун курдук дуу модун санаата тилиннэ, күүстээх өйө
күүрдэ, ол кэнниттэн көхсүн көннөрөн, кэтэҕин чонотон, алтан
тайаҕын сиргэ батары охсон олорон, Улуу Кудаҥса чиҥ-чиҥ-
ник саҥаран барда: «Ол аата Одун халлаан оҥоруута оннук
буолуо диэммит, өлөн эрэри өрүһүйүө суохпут, алдьанан эрэри
абырыа суохпут дии! Эн этэргинэн буоллаҕына, уокка умайан
эрэри уотун умуруоран өрүһүйэрбит, ууга түһэн эрэри ууттан
ороон таһаарарбыт ыйаахха утары туруу буолар эбит дии! Орто
туруу дойду кэтит кэскилин, баараҕай баайын, Айыыһыт Хаан
хотунтан айыллыбыт ураа муостааҕы, Уот Дьөһөгөйтөн үөскээ-
бит сыспай сиэллээҕи улуу-модун тымныыттан өлөн-быстан
141