Page 137 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 137
истэ сатаата, тулуйа сатаата, тулуйбата, хаана-сиинэ хам-
наата, хараҕа-сирэйэ уоттанна, ньүдьү бараан дьүһүннэннэ,
ыгыл-лан бардьыгыныы былаастаан, хабырытта олордо: «Бу
туох аймааһынай? Бу туох ытаһыытай? Алаатыгар, оҕолоор!
Ол эһигини ытаһыахтара этэ диэн мин диэтэх киһи соҕотох
кыыһым, соҕотох уолум энньэтэ-сулуута, киһитэ-сүөһүтэ суох
барыахтара этэ дуо? Биитэр ол эһигини аһыйыахтара эбээт
диэн модьууннаах торбоһу, татаардаах кулуну талан илдьэ ба-
рыахтара этэ дуо? Манна диэн эттэххэ, хайа ол да дойдуга
сүөһү үчүгэйин-куһаҕанын билэллэр ини... Ити дьоммут да та-
лыыта-таламана барара эмиэ бэрт сөп: биһиги диэтэх дьон
буолан бараммыт үөһээ дойду үөмэн тиийбэт үтүөлэригэр
соҕотох харахтаах соххордору, аҥаар атахтаах доҕолоҥнору
түҥүр-ходоҕой ыытыахпыт этэ дуо? Үөрүөххүтүн билбэккэ, ыта-
һаргытын эрэ билэҕит дуу? Үөһээ дойдуга иэдьэгэй эттээх,
ириҥэ мэйиилээх илэ бэйэтинэн кыайан тахсыбат этэ диэн
истибэт этигит дуо? Онон түҥүр, ходоҕой буолар дьон кут-
тара-сүрдэрэ көттөҕө дии, хата ытаһа олоруохтааҕар, ити дьон-
норгутун икки сиргэ чөмөхтөөҥ — дьахтарын туспа, эр дьонун тус-
па. Түҥүр-ходоҕой буолбут өттүлэрэ аналлаах аһылыктарын
аһаан, кэмнээх хонуктарын хонон бараннар, куттара-сүрдэрэ
төттөрү эргийэн, эттэрэ-хааннара уһуктан, утуйбут дьон уһук-
талларын курдук, уһуктан тиллэн кэлиэхтэрэ... Оттон оҕолор-
бут киһи-хара гына илдьэ тахсыбыт дьонноро, куттара-сүрдэрэ
төннүбэккэ, эттэрэ сытыйыаҕа, дьэ онон кимнээҕи-ханныктары
илдьэ барбыттарын билиэхпит. Уруй үтүөтүнэн, айхал бас-
тыҥынан ол барахсаттар алтан уҥуохтарын араҥастыахпыт,
көмүс уҥуохтарын көтөҕүөхпүт... Санаан да көрүҥ эрэ, айыы
хаан оҕолоро буолан баран, мин икки оҕом хайдах аан дойду-
ларыттан, бар дьонноруттан, ииппит сүөһүлэриттэн киһи-сүөһү
иппэт буолуохтарай?!! Түксү! Солуута суох ытаамаҥ!» — диэн
Улуу Кудаҥса обургу, өлбүккэ-алдьаммыкка санаммакка, өлөр-
бүккэ-алдьаппыкка холуммакка олордоҕо.
***
Бу баттаатахха маталдьыйбат, кэбиэлээтэххэ кэдэлдьийбэт
орто туруу курбуу-дьирбии ийэ буор дойдуга Улуу Кудаҥса
обургу баараҕай баайын күүһүнэн, модун өйүн мөккүөрүнэн,
иэгэйэр икки атахтаахха, урааҥхай сахаҕа төһө да үтүөнү оҥо-
руон баҕарбытын иһин, санаабыт санаата туолбата, оҥорбут
оҥостуута атаҕар турбата. Оччотооҕу кэнэн-муҥкук үйэҕэ, оч-
137