Page 134 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 134

харах уота саккыраабытынан киирэн, уол сытар биллэригин
түгэҕэр дьөлө сүөдүйэн хаалла.

    Дьон үксэ, «һуу-һуу» дэһэ-дэһэ, киһи кэннигэр, дьиэ мун-
нугар, хотон түгэҕэр түстүлэр.

    Улуу Кудаҥса уруутугар үөрүү-көтүү суох буолла, дьон үк-
сэ уһуутуу-уһуутуу көҕөрө уҥан-таалан олордулар, уйан өттү-
лэрэ иэһэ-туоһа түстүлэр, өйдөнөөт-төйдөнөөт ньиччэҕэй эт-
тээх, уу-субай хааннаах тулуйбатынан айманыы буолла. «Бу
мустубут абааһыларгын киэр гын, холдьох, урааҥхай саханы
биир күннээх оҥорума! Абыраа-аһын!» — диэн Улуу Кудаҥсаны
эймэниппитинэн бардылар.

    Кудаҥса обургу дьиппинийэ-дьиппинийэ тулуйа сатаата,
кыайан тулуйбата, ойуунугар эттэ: «Сытаныах курдук буолла-
ҕына, үөһээ төттөрү үтэйэн көр эрэ!»

    Чачыгыр Таас ойуун, иһиттиэм-истибэтиэм диэххэ айы-
лаах, хап-сабар дүҥүрүн иккитэ-үстэ охсон лүҥкүнэттэ, ол
кэнниттэн чиҥ-чиҥник, ыар-ыардык тыл этэн, алгыс алҕаан,
тойук туойан иҥсэлитэн барда: «Аар-татай, оҕолор... Бу ох-
тон баранар мастаах, бу уолан симэлийэр уулаах орто ту-
руу курбуу дьаҕыл дойду үөмэр өрөһөтүн өнөр күскэнигэр
уостар күүгэн курдук үллэн үөскээбит сиик-туман тыыннаах,
иэдьэгэй эттээх, ириҥэ мэйиилээх урааҥхай саха барахсан
ол иһин хайа кэбинэн-тобунан үөһээ үөтүүлээх үрдүк мэҥийэ
халлаан үлүскэннээх үтүөлэрин, үрдүк ааттаахтарын, уһун су-
рахтаахтарын, улуу бэйэлээхтэрин, уот буурайдар уот моҕой
уһун тыыннарын, улуу-сүдү чысхаанаах салгыннарын кыайан
тулуйан уйуо баарай эбитэ, оҕолоор! Улуу моҕой тыыҥҥытын,
уот чысхаан салгыҥҥытын кыайан тулуйбат күннэрэ буолла,
сыккытын чэпчэтиҥ, күлүккүтүн чарааһатыҥ! Уонна тоҕо бач-
ча элбэх түҥүрү-ходоҕойу киллэрдигит (маннык элбэх дьон
киириэхтэрэ диэн кэпсэтии суоҕа)? Үс дойду үрдүнэн ааппыт
алдьанара буолла, сурахпыт сууллара кэллэ — бачча элбэх
дьону аһатар ас тэриллибэтэҕэ, бачча элбэх дьону хоннорор
тэримтэ тэриллибэтэҕэ. Үрүҥ ыт үөҕүүтэ, эриэн ыт элэгэ, хара
ыт хаадьыта дьэ буолаары гынна — бу үөһээ дойду баһылыга
Улуутуйар Улуу Суорун тойон дьоно ымсыылара бэрт буолан
бачча элбэх кэлбиттэр диэн, бу орто дойду баһылыга Улуу
Кудаҥса обургу киһиргэһэ бэрт буолан, элбэх дьону ыҥыран
баран, кыайан аһаппата диэн. Онон улахан саат-суут буолаа-
ры гынна, ол барыта эһигиттэн буолуоҕа. Саат-суут чарааһы-
на, элэк-хаадьы аҕыйаҕына, арай бэрт түргэнник төннөргүт
сөп буолсу, улуу бэйэлээхтэр уллуҥаххыт хараардын, баскыт

 134
   129   130   131   132   133   134   135   136   137   138   139