Page 140 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 140

***

    Төлкөтө-түөрэҕэ түҥнэстибит, барҕа баайа бараммыт, дьо-
ло-соргута тостубут Улуу Кудаҥса барахсан өлөр-өлбөт икки
ардынан өр дуу, өтөр дуу олорбутун кэннэ, хантан эрэ ааһан
иһэн, бу кэнтиккэ охтубут, кэниэргэ этиллибит улуу киһи өтө-
ҕүн өҥөйөн бараары Чачыгыр Таас ойуун таарыйбыт эбит.

    Улуу Кудаҥса — саха киһи саарына, урааҥхай омук улуу-
та дьүдьэйэн-дьадайан, кырдьан-бохтон, сууллан түспүт хотой
уйатын курдук өтөх муннугар хардаҥ от уйаланан, таҥаһа-са-
ба баранан, амынньыар уоттанан, күүдээх, күтэр аһылыктанан
олорорун көрөн баран, Чачыгыр Таас ойуун харан, бөтөн, са-
ҥата суох таалан олордоҕо.

    Улуу Кудаҥса эрэйдээх, ойууна кэлбитин көрөн баран, ик-
ки хараҕын уута икки эҥээрдэринэн илибирии саккыраата. Ик-
ки аар кырдьаҕас, баттахтара саһарбыт, харахтара сугуннуйбут,
тайахха тэптэрбит улуу бүдүк дьон, сиҥнэн хаалбыт өтөх мун-
нугар, туох да саҥата суох бөтө биэрэн, хара-таалан соҥуһан
олордулар.

    Өр соҕус олорбохтоон баран, Улуу Кудаҥса эрэйдээх ын-
чыктаан, көхсүн субу-субу этитэн, бөтөн тохтуу-тохтуу, муҥа-
тыйа олорбут: «Дьэ, үөлээннээҕиэм, бу айылаах буолан хаал-
лым, өйдүүгүн дуо, мин сүппүт-көппүт баараҕай баайбын,
ахсаана биллибэт, үксэ-дьүүлэ көстүбэт киһибин-сүөһүбүн,
сылгыбын-ынахпын, дьоммун-норуоппун? Өйдүүгүн дуо, мин
төһө маанытык олордум этэй, төһө үтүөтүк сырыттым этэй?
Көрөн кэбис — бу билигин айахпар ас булан аһаабакка, сан-
ныбар таҥас булан таҥныбакка өтөх иччитэ буоламмын, хар-
даҥ окко уйаланаммын, бу айылаах кэбилэнэн олоробун...
Дьэ, үөлээннээҕиэм, хайа туох үтүө сүбэлээххиний?!!» — диэн
көрдөһө олорбут.

    — Киэҥ халлаан уоттаах улуу дьүүлүн быһыытынан, Одун
Хаан оҥоруутунан, Дьылҕа Тойон тыырыытынан сир-халлаан
тутааҕа буолан турар үрдүк уураахтары, баайгын-дуолгун,
күүскүн-күдэххин эрэнэҥҥин, алдьатарга санаммытыҥ, улары-
тарга оҥостубутуҥ, олус наһаа барбытыҥ. Улуу буруйдаахха,
хараҥа аньыылаахха, уот халлааҥҥа утары турбукка туох сүбэ
баар буолуой? Буруйуҥ-аньыыҥ хаҥаан, сэтиҥ-сэмэҥ туолан,
оҥорбут оҥорууларгар буруйданан олордоҕуҥ дии! Бэйэҥ да
истибэт, билбэт этиҥ дуо — иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн
сирэйдээх илэ бэйэтинэн тыыннаах сааһыгар, уһун үйэтигэр
сэтин-сэмэтин толорор, буруйун-аньыытын төлөнөр диэн өс

 140
   135   136   137   138   139   140   141   142   143   144   145