Page 126 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 126
киир диэн соруйаары ыҥыртаран олоробун», — диэн тыл эт-
тэҕэ.
Онуоха Чачыгыр Таас ойуун соһуйан, истибэтэҕин истэн,
билбэтэҕин билэн, үөһүн тартарда, сугун курдук күөҕүнэн чол-
боодуччу көрөн кэбистэ.
— Кэбис, кэбис! Киэр, киэр! Инньэ-манньа диэмэ, аньыы-
ны-кэйиини айахтатыма, өлүүнү-сүтүүнү үһүттэримэ... Саха ик-
ки абааһы икки, кулгаах истэринэн, өй билэринэн, харах кө-
рөрүнэн, урууласпыттара-тарыыласпыттара суоҕа. Тыый, инньэ
эрэ диэмэ, сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа, — диэн, этин тартара-
тартара, аккаастанан кылыгыраччы илгистэн кэбистэ.
— Сэттээх-сэмэлээх буолуоҕа диэбит буола-буола... Уот-
таах улуу чолбону үлтү кэттэрэрбэр эмиэ инньэ диэбитиҥ да,
хата, онтон ыла улуу тымныы түспэт буолбута, уйгу-быйаҥ
улааппыта, кэрэ кэскил элбээбитэ... Мин бу орто туруу дьаҕыл
дойду бар дьонун олоҕун тупсараары, уу-дугуй сүһүөхтээх ура-
аҥхай саханы үөһээ үөтүүлээх халлаан өлүүтүттэн быыһаары
гыммытым сэттээх-сэмэлээх буолсу дии?!! Хата, ол Улуутуйар
Улуу Суорун тойону кытта уруурҕастахпына, кинилэр, төһө да
абааһыларын иһин, урууларын-хааннарын сиэхтэрэ суоҕа. Оч-
чоҕо иэгэйэр икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх урааҥхай саха
барахсан дэри-дэлэгэй тэнийэн, үксээн-элбээн, халыҥ омук
буолан, хайа да омуктан кыайтаран хараҥа хааннара тохтуо
суох этэ. Көрбөккүөн — урааҥхай саха быстах өлүүгэ от кур-
дук охсуллан эрэрин? — диэн улам-улам Улуу Кудаҥса обургу
уордайыах курдук буолан барда.
Чачыгыр Таас ойуун ол аайы дьулахачыйан, этэ салаһан бар-
да, куйахата күүрэн дырдырҕаччы кэйиэлээтэ: «Оо, эчикийэ,
дьэ билбэтим... дьэ өйдүөбэтим — итинник эрэ, атын эрэ...
Ол үөһээ дойду үлүскэннээхтэрин улуу-моҕой уот тыыннарын
ириҥэ мэйиилээх, иэдьэгэй эттээх урааҥхай саха барахсан
тулуйуо дии санаабаппын. Арах-арах, өлөр өспүт эрэ... быстар
быабыт эрэ», — диэн сүр баҕайытык дьиксиннэ, уу испит сыл-
гы курдук титирии-дьигиһийэ олордоҕо...
— Ону мин өйдөөбөт-билбэт үһүбүн дуу? Хайа, мин даҕа-
ны тэбэр сүрэхтээх, ыалдьар эттээх киһибин дии... Хара быа-
рым хайҕахтара буолбут, тойон болуо сүрэҕим нохтоолоро,
көрдөр харахтарым дьүккэтин, көтүрдэр тиистэрим билэтин
— уоллаах кыыспын аһыммат, харыһыйбат үһүбүн дуо?!! Ол
да аһыйдарбын, төһө да таптаатарбын, бар дьоммун ордором-
мун, урааҥхай сахабын көмүскээммин, уолбун-кыыспын толук
туттар буолбаппыан?!! Ох курдук оҥостон олоробун, биир да
126