Page 123 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 123
соҕотохтуу сураҕыран, күн анныгар, сир үрдүгэр киниэхэ тэҥ-
нээх ким да суоҕун курдук көстөн өр дуу, өтөр дуу олорбутун
кэннэ, ахсаана биллибэт алдьархай, үксэ-дьүүлэ көстүбэт үлү-
гэр, өлүү-сүтүү буолла.
Ыалтан ыалы матарбакка, киһиттэн киһини ордорбокко үөһээ
дойду өлүүтэ диэн сүрдээх күүстээх дьаҥ турбут. Истэр сурах
тухары киһи өлбөтөх ыала диэн суох буолбут, сорох ыаллар,
имири быстаннар, алаһа дьиэлэрэ сабыллыбыт, аал уоттара
умуллубут, уһун буруолара быстыбыт, үөлэстэрэ бүөлэммит,
дьиэлэрин түөрт муннуктара чаҥкыйа кырыарбыттар...
.............. ..........................
Бу аана-ахса биллибэт аан алдьархайтан абыраатаҕына абы-
рыах, бу үксэ-дьүүлэ биллибэт үлүгэртэн өрүһүйдэҕинэ өрүһүйүөх,
бу хааннаах хаарыан сахха харыһыйдаҕына да харыһыйыах
Улуу Кудаҥсаттан ураты ким баар буолуой?!! Өрүһүттэрэ
үөрэммиччэ, харыһыттара сылдьыбычча Улуу Кудаҥсаҕа кэлэн-
нэр этэ-хаана эймэнийиэр диэри, өйө-санаата төйүөр диэри
иэһии-туоһуу, ааттаһыы-көрдөһүү, үҥүү-сүктүү буолбут.
«Улуу тойоммут, аҕа баһылыкпыт! Биһигини аһынарга, абы-
рыырга ананан айыллыбытыҥ буолуо, урут да аһынар, ара-
ҥаччылыыр этиҥ, урут да умса түстэхпитинэ, сүүспүтүттэн өрө
тардарыҥ, аһын-абыраа! Үс саханы өрүһүйэргэ үөрэммитиҥ,
түөрт саханы төрүттүүргэ төлкөлөммүтүҥ, бэл диэтэр, аан дой-
ду киэргэлэ буолбут уоттаах улуу чолбону кэттэрэн өрүһүй-
бүтүҥ. Эн үөһээ халлаан өлүүтүн кыайбатаххына, ким кинини
кыайан биһигини абырыаҕай?.. Бар дьоҥҥун күн сырдыгыттан
матарыма, ийэ буор сиргиттэн тэскилэтимэ, аһын-абыраа.
Уһун буруобут быстаары гынна, алаһа дьиэбит кураанахта-
наары гынна», — диэн эймэнитэн бардылар.
.............. ..........................
Уруу-хаан дьоно Улуу Кудаҥсаны атаҕын кууһан олорон эрэ
хаанынан ытаабыттар: «Эн аһыммаккаҕын бу айылаах буолан
эрэбит. Биир тылгын төттөрү эппиппит баараа? Туохтан хор-
гутан, туохтан хомойон килбиэннээх сирэйгин киэр туттуҥ,
уоттаах хараххын умса көрдүҥ? Аҕаккабыт оҕотоо! Аһын даа,
абыраа даа!» — диэн ыксаппыттар...
Улуу Кудаҥса обургу уһун санаата татыарыйбыт, киһи эрэ
буоллар киэҥ көхсө кыараабыт, модун санаата мөлтөөбүт.
Түүн утуйбат, күнүс аһыыр аһын аһаабат буолла... Ириҥэ мэ-
йиитэ иириэр диэри илби сынньылынна, балаҕадыйан барда.
123