Page 125 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 125
алтан тайаҕынан сири дьөлө охсон баран: «Биитэр өлүөхпүт,
биитэр тиллиэхпит, син биир... ыйаах биллин... Оҥоруу бил-
лин... Нохоо! Сорук Боллур уолуом, Чачыгыр Таас ойууну,
ханна да баар буоллаҕына, этэн баран эҕирийиэх иннинэ, кө-
рөн баран чыпчылыйыах иннинэ бэрт түргэнник аҕала оҕус!»
— диэн өрө көбдьүөрдэҕэ. Киһи саҥата: «Ээх, иһиттиэм!» —
диэтэ, оҕонньор иннигэр кэлэн сиргэ тиийэ сүгүрүйэн хорус
гыммыта көһүннэ, онтон уол күлүгэ биирдэ элэс гынна, аан
тыаһа «тап» гынан хааллаҕа.
Чачыгыр Таас ойуун Аммаҕа ааттаах Кутуйах баайга хонон
олордоҕуна, Улуу Кудаҥса Сорук Боллур уола аан аһыллан
баран сабыллыан иннинэ дьиэлээхтэргэ кэлэн сүгүрүйбүтэ
көһүннэ уонна ойуун иннигэр кэлэн дьэргэс гына түһээт: «Улуу
тойоммут, аҕа баһылыкпыт Улуу Кудаҥса ыҥыртарар, көрөн ба-
ран чыпчылыйыах иннинэ, этэн баран эҕирийиэх иннинэ аҕала
тарт диэбитэ... Дьэ бара охсуох!» — диэтэҕэ. Чачыгыр Таас
ойуун уолуйбут курдук саҥа аллайа түстэҕэ: «Оо, ол иһин да,
бэрт куһаҕан битим тарпыта, бэрт куһаҕан түүлү түһээбитим.
Ыччакабын даа, этим саластаҕыан, абытайбын даа, куйахам
күүрдэҕиэн!» — диэн баран, бөкүнүйэн туран таҥныбытынан
бардаҕа.
Халлаан сырдыыта тыҥа хайдыаҕынан, тыын быстыаҕынан
Улуу Кудаҥса чэлгиэннээх тусаһатыгар, баараҕай алаһатыгар
тиийэн кэлбиттэригэр, дьиэл тэлэйэннэр, аан аһаннар, олбох
уураннар, ойууну өйөөн киллэрэн ороҥҥо бөкөччү олордон ба-
ран, айах туттулар.
Улуу Кудаҥса обургу кэтэҕэриин оронугар олорон эрэ:
«Кырдьаҕаас! Дьэ, эн илэ-бааччы аллараа дойдуттан адьа-
рай ааттаахтарын өрө көбүөхтэтэн таһаарар, илэ чахчы үөһээ
дойдуттан илиэһэй дьирбиттэрин таҥнары үөмэлэһиннэрэн
түһэрэр ыар тыыннаах, ыарахан тыллаах, иччилээх тойуктаах,
илбистээх саҥалаах ойуун улуута, ытык кырдьаҕас буоллаҕыҥ
дии...
Бу саха киһи көрөр сатыы маҥан халлаанын соҕуруу диэки
өттүгэр, тоҕус соххор холорук таҥнары ытыллыбыт мэнэгэй-
дээх бэлэһигэр, суккуллар куолайыгар, суураллар айаҕар, дьуо-
ҕардар куртаҕар олохтоох, үөһээ үөтүүлээх илиэһэй бииһин
ууһугар Улуутуйар Улуу Суорун оҕонньор диэн үрдүк баһы-
лыктаах, аҕа тойонноох сурахтаахтара. Мин даҕаны бу орто ту-
руу дойдуга бастыҥ баһылыктара, улуу тойонноро буоллаҕым
дии, онон мин эйигин суорумньу уол оҥорон, уолбар кыра
кыыһын ойох кэпсэтэн, кыыспын кыра уолугар ойох биэрэн
125