Page 120 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 120
раанах сиргэ, мээнэ «һук!», «һук!» дии-дии, тааһы тааһынан
чабырҕатан эрэр курдук, охсуолаан чабырҕатан барбыт.
Ол чабырҕаттаҕын аайы, чокуур уотун курдук күөх уоттар
таҥнары ыһыахтанан, сардырҕаччы саккыраабыт эбиттэр. Хаар
ыһыахтаммыт, муус күрдүргээбит, уот күлүмнээбит.
Маны көрөн баран куттамсах, хоргус өттүлэрэ быардары-
нан сыылан, оһох төрдүгэр түһэн, харахтарын быһа симэ-симэ,
уһуутуу сыппыттар. Хоодуот-хоһуун өттүлэрэ, өттүктэринэн
сыылан, хаҥас диэки баран, куучалаһан олорбуттар. Киһи тыы-
нара киһиэхэ иһиллэр буолбут.
Ойууннара бу курдук бэрт өргө диэри, кутаа уотунан кыр-
баһан, кырыа хаарынан ыһыахтанан, ирим-дьирим эккирээн,
ыамах-чыамах ойон, кыыран, өрө дьиэһийэ турбут эбит. Дьон
маҥнайгы кутталлара ааһан, сибис-сабыс сибигинэһэн, бо-
тур-итир кэпсэтэн барбыттар.
«Уо! Күтүр өстөөх кутаа уотунан илгистэн кыыра турара то-
ҕо баҕас сүрүккэтэй! Тоҕо баҕас суоһай-суодалай! Киһи кут-
таныах, киһи этэ салаһыах, киһи куйахата күүрүөх кыырдаҕа
тоҕо амырыынай!» — диэн сөрү диэн сөхпүттэр, бэри диэн
бэккиһээбиттэр...
Кутталларын уоҕа ааһан, арыый да сэргэхсийээт, туох эрэ
илбискэ эппит курдук, туох эрэ дьайга ылларбыт курдук, бу-
ка бары баар дьон санаалара диэн буолбут эбит: «Чолбон
хайдах эрэ буолан эрэр буолла? Чолбону көрбүт киһи хайдах
эрэ буолар этэ?!!» — диэн... Ол күнтэн бу күҥҥэ диэри туой
буойуулаах өттө ордук тардыылаах, ордук мэҥиэлээх буолар
эбит. Дьон санаата чолбон буолла, сүрэх тэбиитэ, эт кычыгы-
ланыыта, өй түмүллүүтэ — барыта чолбон буолла...
Биир эдэр дьахтар баара — эчи киниэхэ эрэ бары сүрэх
тэбиитэ, бары эт кычыгыланыыта, бары санаа түмүллүүтэ ба-
рыта түмсүбүтүн курдук — бука диэн тэһийбэтэ, бука диэн
тулуйбата, сордонно, олоро сатаата, тэһитэ астарда, уҥуох
уҥуохтара барыта кычыгыланан кыйыттан бардылар, улам-
улам сыылан хотоҥҥо киирдэ, онтон, үөмэн-үөмэн, саах эһэр
түннүккэ тиийэн тыын быһаҕаһынан тыынан иһиллии-иһиллии,
уоран өҥөйөн көрдө. Ол көрбүтэ, дьэ, доҕоор, чолбон күөх,
кыһыл кутаа уотунан өрө кырбаһан эрэр эбит... Муос сүгэ дьиэ
иһигэр чабырҕаатаҕын аайы, чолбон сардырҕаччы кутаа уоту-
нан ыһыахтана турар эбит.
Бу дьахтар көрөрүн аҕай кытта, Чачыгыр Таас ойуун муос
сүгэтинэн сыыһа охсон, холоруктаабытынан кэлэн, олоро түс-
тэҕэ... Хаһыытаабытынан туран, үстэ-түөртэ охсон көрдө да,
120