Page 150 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 150

Ааҕыы, сэһэргэһии

                 Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар

            Дорообо, алааһым, сирэм күөх алааһым!
            Эн дьоллоох мындааҕар мин үөскээн үүммүтүм...
            Дорообо, кырдалым, кэрэ күөх кырдалым!
            Эн ньууруҥ үрдүгэр бу күнү көрбүтүм...

            Өйдүүбүн — бу дьикти күлүмнэс урсуну,
            Кыталык кылбааран кыҥкыныы ыллыырын...
            Өйдүүбүн — бу кэрэ күөх сирэм хонууну,
            Кыра уол бэйэбин мин ийэм таптыырын...

            Мин манна иитиллэн атахпар турбутум,
            Мин кырыыс оҕото кыргыс хаан буолбутум...
            Эйигин, ийэккээм, өстөөхпүт саанара:
            Эн уолуҥ сүрэҕин дьэ сиэтиэх буолара...

            Эн уолуҥ — бассабыык, охсуһуу буойуна,
            Эн уолуҥ — ырыаһыт, илбис тыл туйгуна,
            Сүрэҕим төлөнө кинини уматар,
            Сүүһүнэн сүрэҕи дьэ туотан дуоратар...

            Билигин бу томтор сылаас туой буоругар
            Мин ийэм Дьэбдьэкиэй көмүллэн сытаахтыыр,
            Билигин бу кырдал сылам күөх ньууругар
            Мин таптыыр ийэккэм буора бу тураахтыыр...

            Бу күнү көрдөрбүт, ийэккэм, бырастыы!
            Эн буоруҥ үрдүгэр кэриэспин этэбин:
            Эн ииппит сүрэххин норуоппар биэрэбин...
            Бу ийэм сытаахтыыр, кэриэс буор, бырастыы!

                                                                                        1937 с.

          Ыйытыылар уонна сорудахтар

    1. Бэйиэт ийэтэ Евдокия Слепцова туһунан ахтыылартан бил-
        лэххэ, кини иитиллэн тахсыытыгар ийэтин оруола улахан
        эбит. Ол туһунан бу хоһооҥҥо туох диэн этиллэрин булан,
        болҕойон ааҕыҥ.

 150
   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154   155