Page 216 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 216
Турахин бэйэтин ойоҕо икки хонноҕун анныттан өрө тардан
ыллылар.
Бурхалей, эрдиитин тыы иһигэр талыр гына быраҕаат, ойон
туран дьону кэриччи көрбүтэ: тапталлаах Марисата күлбүт-үөр-
бүт хараҕынан кинини көрөн турар эбит. Бурхалей маннык ал-
дьархайтан быыһанан тыыннаах хаалбытыгар бу биэрэк дьо-
нуттан соҕотох үөрбүт киһи Мариса эрэ быһыылаах. Үрдүк
сүүстээх, тэтэркэй имнээх, куппукка дылы куҥнаах-тастаах,
нууччалыы ыраас таҥастаах эдэр кыыс эйэлээх хараҕынан
көрүүтэ эдэр бурят сүрэҕин аймаата быһыылаах. Бурхалей,
сототун уутун ыктан кэбиһэн баран, Мариса диэки иккитэ-үстэ
хардыылаан истэ.
— Сотто уола Бурхалей түөкүнү тутуҥ, бүгүн соруйан ууга
симэн өлөрө сыста! — диэн хойуу бааҕынас саҥа икки тап-
таһыылаах сүрэхтэргэ этиҥ буолан түстэ.
Мариса буоллаҕына, күлбүтүнэн Бурхалейга дорооболоһуох
курдук буолан иһэн, бу тылы истэн, кыбыстан, атаҕын анныгар
баар мөгөчүк тааһы үҥкүрүтэ, тэбиэлии турда.
— Тутуҥ!.. Тутуҥ!..
— Миигин туох иһин тутаҕыт: Улуу Арыыга тохтуохха баар
диэн көрдөспүппүн, тойон бэйэтэ барыах диэн, долгуннааҕын
үрдүнэн, үөскэ киирэн иккиэн өлө сыстыбыт дии.
Ити икки ардыгар Атен кинээс дэһээтинньиктэриниин кэлэн
Бурхалейы тула туран кэбистилэр.
— Тутан хаайыҥ, биирдэ кэпсэтиллиэ!..
Атен тойон Бурхалей сиэбин хаһан көрдө, онтон сототун
быатын быһыта тыытан ылла.
— Таһаараҥҥыт сомуон хаайыытыгар уган кэбиһиҥ!.. Түөкүн,
тойонун биирдэ сүгүн илдьэ сылдьыбат.
— Чэ, барыах! — диэн дэһээтинньик Бурхалейы күүскэ соҕус
санныттан анньан баран, хаһыллан оҥоһуллубут суол диэки
ыйан кэбистэ.
Бурхалей, халтаҥ сонун кытта эргэ саппыкытын кыбынан,
дэһээтинньик иннигэр киирэн иһэн, Мариса диэки көрөн кэбиспи-
тэ: Мариса сир диэки умса хайыһан, тааһын атаҕынан үҥкүрүтэ-
үҥкүрүтэ, хараҕын уута саккырыы-саккырыы, туран хаалла.
III глава
Байкал буряттарыгар Убса-Нур күөл кэтэҕинээҕи үрдүк ха-
йалардаах, дириҥ аппалардаах, бэһирик мастардаах халыҥ
сис тыа олоҕо сөп түбэспэтэҕэ.
216