Page 221 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 221

нынан хааннаах тэрээк сүгэ иккиһин күөрэйэн, өлөн эрэр кыыл
өҥүс баһыгар түбэһэрин кытта, «өлүөхсүт», соҕотохто «дүгдэс»
гынаат, уһуктубат уһун уутугар утуйда.

    Бурхалей, алдьархайдаах адьырҕаны анныгар баттаан ба-
ран, хаар анныттан тура сатаан эрэр доҕорун хонноҕун анныт-
тан өрө тардан туруоран ылла.

    — Хайа, доҕоччуок! Туоххун өлөрдүҥ?
    Өлөр өлүү күөнүн анныттан мүччү туттаран, суккуруур тыы-
нын илдьэ хаалбыт киһи: «Бэйи... Бэйи...» — диэн баран, күөт
курдук көбүөхтээн, уһуутаан тыына турда уонна бэйэтин миэс-
тэлэрэ бүтүн хаалбытыгар итэҕэммэтэх киһи быһыытынан, илии-
тин, атаҕын хамсатан буруобалаан көрдө. Онтон өлө сытар
өстөөҕүн диэки көрүтэлээн баран: «Өлбүт дуу?» — диэн чап
курдук саҥа аллайда.
    — Хайа, доҕор! Хайдаххыный? Тугуҥ ыалдьыбытый? — диэн,
Бурхалей ыйыта-ыйыта Эрбантей бүрүнэн турбут бөчөх-бөчөх
хаардарын тэбээн биэрдэ.
    — Тугум да ыалдьыбытын билиммэккэ турабын, — Эрбантей
сирэйин харбанан баран, устунан баттаҕын хаарын тэбии-тэ-
бии, төбөтүн имэрийтэлээтэ, төбөбөр ханан эрэ баас тахсы-
быта буолуо диэн, сөмүйэтинэн баттыалаан көрдө. Бурхалей
кинини тула чинчийэн көрө сатаата. Быһыыта, киһи оһолтон
тугун да өлөттөрбөккө бүтүн хаалбыт эбит.
    Оһол туһунан ону-маны быһыта-быһыта кэпсэппэхтээн ба-
ран, айдааннаах адьырҕа «кырдьаҕас» кыһыҥҥы дьиэтин чин-
чийэн көрөр өйү буллулар. Онон мучумаан ортотугар мүччү
ыһыктыбыт маһын ылан, Бурхалей аҥайа сытар арҕах ааныгар
илдьэн туора тардан кэбистэ. Өлөр өлүү күөнүттэн мүччүрүй-
бүт киһи уһун титириги тосту тардан ылан, мутугун маска дьук-
курута кэйэн суллаан кэбиһэн баран, түгэҕэ биллибэт дириҥ
иини булкуйан көрүтэлээтэ. Адьырҕа «тойон» кыстык дьиэтин
иһигэр баҕар «дьукаах», биитэр «кэргэн» баар быһыыта бил-
либэтэ.
    «Өстөөҕү» самнарбыт дьон көхсүлэрэ кэҥээн, харахтара сыр-
даан, тыа баһынан куугунуур тыал тыаһын чуолкайдык истэн,
күөх мунарык күөнүгэр күлүмнээбит күн сардаҥатын көрөн, бул-
таабыт бултарыгар дьэ кэллилэр. Кэлэн ыраахтан чинчилээн
көрбүттэрэ: бэрт улахан хардаҥ эһэ тыылыы тэбэн сытар.
    Улам кэҥээн истэх аайы бултаабыт үөрүү бүтэйдии ньүө-
лүтэн, өтөр-наар үөрүүнү күүппэтэх, өһөн түспүт сирэйдэрэ
имнэрэ хаанынан тэтэрэн кэлбиттэрэ. Бурхалей, бу киэһэ Ма-

                                                                                                                                     221
   216   217   218   219   220   221   222   223   224   225   226