Page 226 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 226
Мантан инньэ кинилэр, Эрбантей учууталлыах буолан, үөрэ-
нэллэрин туһунан кэпсэттилэр.
Сис ыалын үөрүүлэрэ бу курдук этэ.
V глава
Кыһыҥҥы хараҥа түүн. Хилок үрэх хайаларын аннынан,
ыыс тумарык быыһынан бөлөх-бөлөх харалар тумаҥҥа мум-
мут хараап курдук, субуруһан көстөллөрө. Кинилэр били аҕы-
йах хонуктааҕыта Саҥа-Саган улууһугар баара эрэ 13 киһиттэн
тэриллэн, чокуурунан эстэр сааларынан сэбилэнэн бараннар,
Семёнов атамаан хааннаах армиятыгар икки төгүл этиҥ буолан
түспүт партизанскай этэрээт дьоно этилэр. Семёнов атамаан,
Япония империалистарыгар бүтүн Сибиири атыылаан ылбыт
сэриитин сэбинэн сэбилээн, Бичур дэриэбинэҕэ сүүстэн тах-
са сэрииһиттээх кордуону олордон баран, Япония генералыгар
Судзики тойоҥҥо: «Селенга өрүс уҥа биэрэгинэн чыычааҕы да
көтүппэт гына тэрийдим!» — диэн арааппардаатаҕын түүн, чо-
куурунан эстэр саалаах 13 бурят соһуччу атаака оҥорон, бүтүн
кордуон састаабын өмүтүннэрэн ылан кэбиспиттэрэ.
Атамаан арааппардаабыт кэмиттэн 12 чаас ааспытын кэн-
нэ, Чита куоракка Судзики штабыгар саата-саата: «Өлүү, ал-
дьархай буолла... Бичуга олордуллубут кордуону хантан эрэ
кэлбит кыһыл этэрээтэ барыларын тутан ылла», — диэн иккис
телеграмматын Петро-Заводскайтан ыытар кыһалҕаҕа тиийэн
хаалбыта. Онтон икки хонук иһигэр Бичуру ылбыт саҥа-са-
ганистарга Троицкосавскай куораттан атамаан карательнай
этэрээтэ ыытыллыбыта. Ол карательнай этэрээт, Бичурга аҕы-
йах биэрэстэни ситэ тиийиминэ иһэн, Селенга өрүс биэрэгэр
уһуктубат уһун уутун «утуйбута». Онтон саҥа-саганистар Се-
ленга өрүс уҥа өттүгэр бэрт аҕыйах дэриэбинэлэрдээх Совет-
скай былааһы олохтообуттара. Бу Советскай былаас армията
билигин Угун-Убур улууһун өстөөх үтүрүйээри гыммытыттан
өрүһүйэ баран испитэ.
Аҕыйах дэриэбинэ үрдүнэн кыһыл былааҕы ыйаабыт Со-
ветскай былаас армиятын чулуу сэрииһитинэн били Харасаай
кумалаана, тыла суох Сотто эмээхсин соҕотох оҕото Бурха-
лей Балтарыков буолбут. Кини, Верхне-Удинскайы Семёнов
атамаан хааннаах дивизията ылыытыгар, Марисалыын төрдүө-
бэһиэ буолан куотаннар, систэн-сискэ дурдалана сылдьан
бараннар, Саҥа-Сагаҥҥа С-бынан тэриллибит партизанскай
этэрээти булбуттара. Онтон Бичурга, Семёнов атамаан кор-
226