Page 225 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 225
ро өйдөөхтүк көрдөспүтүн ылынан, иккиэн түргэнник хаамсан
истилэр. Үрэх куула эниэтин өрө тахсан, халыҥ тыаны мүччү
түһэн, олорор аппаларыгар иккиэн бииргэ киирэн кэллилэр.
Кыа хаанынан бүрүммүт дьон хойуу мастардаах ойуур быы-
һынан элэҥнэһэн иһэллэрин көрөн, Мариса дьиэ таһыттан уруй-
даан-айхаллаан хаһыытыы-хаһыытыы хайыһар суолугар би-
дилгэхтии-бидилгэхтии кэлэн, Бурхалейга хатана түһэн, умса
тардан ылан, сүүһүттэн сыллаан-уураан ылла.
— Дьэ, доҕор! Булт бөҕөнү бултаатыбыт!.. — Бурхалей аҥаар
илиитинэн Марисаны, хонноҕун анныттан өйүү тардан, дьиэ
диэки хаамтаран дэллэритэн барда.
— Мариса, биир эһэни, үс табаны өлөрдүбүт... — диэн Эр-
бантей хаһыытаан эттэ.
Мариса Бурхалей сүгэн иһэр этигэр хатана түһэн ылыах
буолбутун, Бурхалей: «Кэбис, доҕор, ыарахан буолуо, бэйэм
да киллэриэм», — диэтэ. Мариса урут сүүрэн тиийэн дьиэтин
айаҕын тэлэйэ баттаата, сүгэһэрдээх дьон дьиэ иһигэр көтөн
түһэн, эттэрин наарба үрдүгэр хаптаһыны тэлгэтэн оҥоһуллу-
бут остуолга түс-бас уурталаатылар.
— Эһиги аччыккыт дуо? — диэн Мариса, аҥаардас ууга бу-
һарбыт бэс үөрэлээх солуурун кылдьыытыттан тутан туран,
ыйыппытыгар: «Бачча бултаабыт дьон аччык буолуохпут дуо»?
— диэн Эрбантей саҥарда. Мариса, бэс сымалатын сытынан
аҥылыйбыт солуурун туппутунан, таһырдьа ыстанан тахсан
тоҕо ыста уонна киирэн, бэс амтана хаалбыта буолуо диэн,
солуурун сууйан баран, толору эт буһаран кэбистэ.
Мариса онтон кэлэн дьонун таҥастарын тэбии-тэбии уур-
талаата. Мариса үөрүүтүгэр хоргуйарыттан, ырбытыттан ку-
барыччы куурбут сирэйигэр хаана киирэн, имэ тэтэрэн тах-
сан, Эрбантейы уонна Бурхалейы сүүстэриттэн сыллаан-уураан
ылыталаата. Кини үөрүүтүттэн адьас итирэн хаалбыт курдук
буолла. Бурхалей Марисаны ыга кууһан ылан хардары сыллаа-
та-уураата.
— Чэ, кэпсээҥ, хайдах-хайдах бултаатыгыт?
Бурхалей икки Эрбантей икки хайдах бултаабыттарын туһу-
нан кэпсээн бардылар. Эрбантей эһэҕэ баттатан, Бурхалей
хайаттан сууллан өлө сыспыттарын кытта кэпсээтилэр.
Бу курдук сис ыалын кыараҕас балаҕаннарыгар үөрбүт-көп-
пүт кэргэттэр кэрэ куоластара айдаан бөҕөнү тарта.
Аны кинилэр хоргуйан өлбөт буоллулар. Аны кинилэр: «Сар-
сын тугу аһыыр буоллубут?» — диэн мунаахсыйбат буоллулар.
225