Page 223 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 223

рэйинээҕи таас хайа суулар сыҥаһатын үрдүгэр табалар ту-
ралларын көрө охсон, «чугус» гына түһэн баран, Эрбантейы,
илиитинэн сапсыйан, тохтотон кэбистэ. Ол кэннэ, оргууй аҕай
хайыһардарын эргилиннэрэн төннөн кэлэн, табалар туралла-
рын сибигинэйэн кэпсээтэ. Сүгэһэрдэрин түһэрэн, ботугураһан
кэпсэттилэр. Бурхалей хайаны кэтэҕинэн эргийэн ылан, үөһэт-
тэн хайыахха сөптөөҕүн этэн баран, Эрбантейы онно хаалла-
ран, бэйэтэ кэлбит сиринэн төннөн, хайа кэтэҕинэн түһэр гына
барда. Тугу да билбэтэх табалар, киэһэрэн эрэр күн уотугар
сыламнаан, утуктуу тураллара көстөр. Табалар көрбөт сирдэ-
ригэр тиийээт, ыраах-ыраах хардыылаан ыллаҥнатан, салаа
үрэҕи туораан, үрдүк аппаны үөһэ өттүгэр өрө сыыйан тахсан,
хайа кэтэҕин булла. Бурхалей сүрэҕин тыаһын бэйэтэ истиэр
диэри «тиҥ-тиҥ» гына тэбиэлиир. Бу табалартан биири эмэ
өлөрөрө буоллар, быйыл туох да буолбакка сыл тахсыа эбит-
тэр. Бултаммыт эһэ үрдүгэр таба өлөрөн тиийэр буоллар, оо,
Мариса үөрүө да этэ...

    Бурхалей сэндэҥэ соҕус бэс чагда быыһынан, кырдьаҕас
киһи сүүһүн курдук кэрэниистэрдээх хайа үрдүк чабырҕайын
үрдүттэн өҥөс гына түстэ. Табалар тугу да истибэккэ, бил-
бэккэ, түһээн ньолох-ньолох гынан кэбиһэ-кэбиһэ, бысты-
быт эмпэрэ чабырҕайын ыга үрдүгэр тураллар буолан баран,
ытыахха ыраах буолан биэрдилэр. Мантан аллара киирдэххэ
көрүүһүлэр. Онон Бурхалейга бэрт саарамньы буолла. Хайдах
гыныахха сөбүй? Таҥнары анньынан кэбистэҕинэ, былыттан
быстыбыт, халлаантан хайдыбыт курдук, табалар үрдүлэригэр
куугунаан түһүүһү, оттон хайыһарын устан, хааман түстэҕинэ
табалар өрө ыстанан тахсан иһэн туораан куотан хаалыахтарын
сөптөөх. Бурхалей эр хаанын ылынна, хайаттан үлтү түһэн өлүө
суох курдук бардам өй көтөн түстэ. Онон соҕотохто таҥнары
анньынан кэбиһэн баран, табалар соһуйан аллара ыстанан
кэбистэхтэринэ, бэйэтэ чабырҕайга тутунуох курдук сананна.
Табалар ыстанналлар эрэ өлөр аатыгар түһүө эбиттэр.

    Саатын илиитигэр ылан тутан баран, үрдүк хайа сүүһүттэн
соҕотохто таҥнары анньынан, кынаттаах кыыл элиэтээн түһэн
иһэрин курдук тэлбээрэ түстэ. Табалар туора-маары ойуолаһа
түһэллэрин кытта, быстан турар сыыр чабырҕайыгар хоттуус
куондарын курдук чампарыктыы тибиллибит хаар быһа ыс-
танан, бүтүн хайа сирэйинээҕи хаар аллара куугунаан түстэ.
Бурхалей атаҕа сиртэн арахсан, босхо баран хаалан баран,
ыыс-быдаан ортотугар аллара барсан хаалла. Хараҕын кырыы-
тынан көрдөҕүнэ, хайа бүтүннүү суулбутун курдук, хаар тиийэн

                                                                                                                                     223
   218   219   220   221   222   223   224   225   226   227   228