Page 224 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 224
ньим-ньим түһэргэ дылы гыннылар. Кини икки хайыһардаах
атаҕа өрө, төбөтө таҥнары, сибилигин түспүт хаарга курдана-
рыгар диэри батары түһэн хаалла. Туох да миэстэтэ ыалдьы-
бата, көннөрү кыра соҕустук доргуйан ыарыйда, ол кэннэ тум-
наста сыһан, өрө тууллайан туран, курданарыгар диэри тибии
хаарга бадылҕахтыы сырытта. Туох да көстүбэтин гына хаар
куоппаһа тохтон-тохтон арыый дьэгдьийэн эрдэҕинэ, тула өт-
түн көрбүтэ, биир таба муоһа эрэ чолоҥнуу сытар, иккис таба
хаар анныттан төлө бурҕайан тахсан эрэр. Синньигэс биили-
гэр диэри хаарга батары түһэн сытан табаны ыппытыгар, саа
тыаһа, киэҥ сис кэтэҕинэн дуораһыйан бэйэтигэр ыраахтан
иһиллэр курдук иһилиннэ, таба буоллаҕына баар бэстилиэнэй
күүһүнэн биирдэ ойон баран, нус-хас гына түстэ, онтон Бурха-
лей саата саҥардыы элбэх муоһа быган эрэр төбөҕө эһиннэ.
Үһүс таба быһаҕаһа хаар үрдүгэр быган өлө сытара көһүннэ.
Бурхалей үөрүүтүттэн өрө ыстанан тахсан, хайыһардарын
үрдүгэр туран, тэбэнэ-тэбэнэ, доҕорун хаһыытаата. Онтон ба-
ран өлбүт табалары хаар үрдүгэр сыһаҕастаста.
Эрбантей икки киһи сүгэһэрин сүгэн, ийэ-хара көлөһүнэ
тохтон, баар күүһүнэн айаннаан, тиийэн кэллэ.
— Хайа хаара сууллан, өллөҕө диэн куттанным даҕаны. Хата,
туоххун да өлөрбөтүҥ дуо?...
Күчүмэҕэй сиргэ түбэһэн арыычча тыыннаах хаалбытын үр-
дүгэр, Бурхалей үс табаны биирдэ өлөрөн турара Эрбантейга
туохтан да олус үөрүү буолла. Кэлэн, мэктиэтигэр, итирбит
киһи курдук, Бурхалейы моонньуттан кууһан туран уураан-сыл-
лаан ылла. Бурхалей бэйэтэ бүгүҥҥү үөрүүтүттэн Эрбантейы
хардары кууһан ылан баран:
— Дьэ, доҕоччуок, хоргуйууттан өлбөт дьон буоллубут, —
диэн бөлүөстэ-бөлүөстэ саҥарда.
Бурхалей табалар чоҥкуларын быһыта баттаталаан, истэ-
рин хайытан, тириилэри быһыта сынньан эттээн барда. Эр-
бантей эттэри хаар үрдүгэр тэлгэтэ уурталаата. Үөрүү киэбэ
туолуон иннигэр Убса-Нур сиһин быйаҥыгар көҥүл аһаан-сиэн
сылдьыбыт табалар чоҕочулаах буолан биэрдилэр.
Бу курдук эттээн-астаан тэлгэтэн кэбиһэн баран, эт бөҕөнү
кыайыахтарынан сүгэн, дьиэлэригэр бардылар.
— Чэ, мин урут бардым, эн мин суолум устун тиийээр,
— диэн Бурхалей түргэнник тиийэн Марисаны үөрдэ охсоо-
ру соруммутугар, Эрбантей: «Доҕор! Дьиэбит чугаһаата, ик-
киэн да билигин тиийиэхпит. Биһиги үрдүк үөрүүбүт барыбыт
баарбытына буоллун!» — диэн көрдөстө. Ону Бурхалей доҕо-
224