Page 230 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 230

кыайан сыспакка, халтаҥ соҕус хаары тоҕо сыһан хаамар дьон
суола суолтан туораан тахсыбытын көрөн, Бурхалей атын хан-
таччы тардан тохтотто.

    — Баҕар, өстөөхтөр засада оҥорбуттара буолуо, баҕар, өс-
төөхтөртөн тыыннарын тэскилэтэн тахсыбыт дьон суола буолуо
бу, — диэн Бурхалей бэйэтин аттыгар первэй взвод командира
буолааччы, туруору уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, кылгас ба-
раан сонноох татаарга кыратык киҥинэйдэ.

    — Бу дьикти суол... Туох баҕарар буолуо. Тахсан көрдөөн
булуталаабакка ааһар сатаммат, — татаар командир атыттан
түһэн, кэһиллибит суол хаарын тэбиэлээн көрдө.

    Угун-Убур хойуу ыалларын диэки дьиэлэри сиэтэлээн эрэр
уот тигинээн-сирилээн тоҥ салгыны тоҕута салыыр тыаһа, кут-
таммыт, ыксаабыт дьон ааттаһан саҥарсан ньамалаһыылара,
оҥорбут алдьархайдарыттан үлүһүйбүт үөхсүүлэр — бары хол-
боһон, биир ыар ынчык буолан иһиллэрэ партизаннар сүргэ-
лэрин көбүтэн, кэлэ охсуҥ диэн ыҥырар курдук этэ.

    — Бу алдьархайы истэн туран тоҕо наҕылыйаҕыт!? Чэ, тугу
оҥоруохтаахпытын оҥоруоҕуҥ, — диэн саҥа-саганистарга икки
хонуктааҕыта бу Угун-Убуртан баран холбоспут партизаннар-
тан биир киһи кэлэн рота командирын эбээһинэһин сүгээччи
Бурхалейга өксөйө соҕус саҥарар.

    Бурхалей буоллаҕына, туох да толкуйа суох ыксалга тугу да
хардарбакка эрэ, аттары тумул тыаҕа таһааран баайталаан,
уон киһини харабыл хаалларарга второй взвод командирыгар
приказ биэрэн баран, татаар командирдыын иккиэн хойуу үөт-
тэр быыстарынан сатыы дьон суолун ирдээн тахсан истилэр.
Кинилэр сааларын сомуогун туруортаан, кыҥыырдыы түөстэ-
ригэр анньан баран, бэрт сэрэхтээхтик, ону-маны чинчийэн
көрө-көрө хаамсан истилэр. Сатыы дьон суола туой хаарга
охтон тура-тура баран истилэр, онтон ат буолан хаампыт суол-
лар бааллар, итини өссө кыратык ааһары кытта, сылгы хаһан
барбытын курдук, хаары түөһүнэн тоҕо солоон барбыт суолга
тиийэн эрдэхтэринэ, силлиэҕэ эрийтэрэн хайдыбыт мас хаа-
хыныырын курдук саҥа иһилиннэ. Бу саҥа киһи саҥатыгар
ханан да маарыннаабат да буоллар, киһи саҥатыттан атын
буолуох туһа суох эбит. Бурхалей, биир бөлөх талах төрдүгэр
татаар командиры туруоран кэбиһэн баран, ол саҥа хоту түр-
гэнник хааман истэҕинэ, хаарга быһаҕаһыттан аллараа өттө
быһа тимирбит киһи чолоҥнуу сытара көһүннэ.

    — Саныхаха идо!! Бырах!
    Анараа сытыахсыт тугу да эппиэттээбэккэ, ууга түспүт сыл-

 230
   225   226   227   228   229   230   231   232   233   234   235