Page 234 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 234

этэ», — диэн, эргэрбит бэдэр бэргэһэни өрө анньан туран,
сүүһүттэн уураан ылан: «Чэ, бырастыы, аны көрсөбүт дуу,
суох дуу», — диэбиттии, ытамньыйа-ытамньыйа, көрөн кэбис-
питэ. Онно Бурхалей, туохха да ылларыа суох киһи буолан,
Мариса хараҕын уутун сотон биэрэн баран: «Эн, айылҕаттан
хоргус буолан төрөөбүт киһи, барытыттан бары куттаннаххын
да...» — диэн хардарбыта. Аны билигин Мариса кини туһунан
төһө сору-муҥу көрүөй?! Итинтэн салгыы Бурхалей — били
Верхне-Удинскай түрмэтигэр хаайылла сытан, биир офицер
кыһылымсыйбыта буолан албыдыйан, түрмэ начаалынньыгын
эбээһинэһин мүччү туттаран ылбытынан туһанан куоппут Ба-
даҥ Турахины санаата. Бурхалей туппут сирдэригэр тоҕо өлөр-
бөтөхтөрүн, Турахиҥҥа илдьэн, кини санаата дуоһуйуор диэри,
кэбилэтэн өлөрөр наадалаах буолбутун чуолкай биллэ.

    Эгдэрэҥнээн эрчимнээх соҕустук нэксиэлээбит сыарҕа эниэ
сирдэргэ өрө тахсыытыгар түбэһиннэрэн көрдөҕүнэ: илин хайа
кэтэҕиттэн күн сырдык төлөнө хараҥа халлааны хайа тыыран,
тахсан эрэр эбит. Барыамах сир үрдүнэн кыһыҥҥы тымныы
тумана саба баттаан кэбиспит. Ол быыһыгар аттаах дьон
элэҥнэһэн иһэллэр. Ыраах толоон уҥуор хойуу ыал уоттара
кытыастан көстөр.

    Мантан баара эрэ биир толоону туораан, аргыстаһан испит
аан туманнарын илдьэ, уһун синньигэс уулуссаҕа киирэн кэл-
лилэр. Хас да тоҕуттубут сигэ кэлгиэлээх, тоһоҕоҕо тылбы-
йан оҥоһуллубут олбуордары ааһан иһэн, биир киэҥ остуол-
ба олбуордаах чигдигэ киирэн эрдэхтэринэ, бэрт элбэх дьон
аймалаһан, адаарыҥнаһан тоһуйдулар.

    — Дьыала хайдаҕый? — диэн арыгыттан кэһиэхтэммит куо-
лас иһилиннэ.

    — Генерал тойон! Дьыала куһаҕан, — диэн биир офицер-
скай куорма таҥастаах, ньохчоҕор быһыылаах аҕам соҕус киһи
саҥарбытынан ыҥыыр аттан түһэн эрдэҕинэ, анараа киһи сир-
гэ силлээн баран маатырылаата.

    — Чэ, хайдах?! Хайдах?!
    Угун-Убурга партизаннар өмүтүннэрэн киирэннэр алдьар-
хайы оҥорбуттарын туһунан офицер, саатыттан-кутталыттан
бобулла-бобулла, кэпсээн барда. Олбуор иһигэр мустубут
офицерскай куормалаах дьон бары аймана түстүлэр. Ньохчо-
ҕор офицер кэпсээнинэн — ол алдьархай ортотугар өлбүт ко-
мандир буруйунан туох да харабыла суох буруйдаахтары кыт-
та астаһа сырыттахтарына, дэриэбинэ икки өттүгэр ахсаана
биллибэт элбэх кыһыл киирэн кэбиспитэ үһү. Онон 50-ча киһи

 234
   229   230   231   232   233   234   235   236   237   238   239