Page 238 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 238

ния тойотторугар илдьэн биэриэхпит», — диэн. Онтон кэнники
мин ытаабытым буолбат дуо? Ол иһин эһиги миигин, баҕар,
ол куһаҕан дьоҥҥо илдьэн биэриэххит...

    — Туой оҕону онон-манан куттуур ээ, — диэн эр киһи күлбүт
хараҕынан дьахтар диэки көрөн кэбистэ.

    — Оттон оччоҕо кини ытаабатын буоллаҕа дии, — дьахтар
уолуттан кистээн кыратык иһиллибэт гына күллэ.

    — Доря! Бу — киһини өлөрөр тойоттордоох Маньчжурия
буолбатах. Кини мантан ыраах... Биһиги онно хаһан да барыах-
пыт суоҕа. Бу бэйэбит дойдубут, социалистическай Бурят-Мон-
голия буолар. Биһиги бу дойдуга сааспыт тухары олоруохпут.
Эн манна улаатыаҥ, үлэлиэҥ. Сөп дуо? Бүгүн биһиги дьиэби-
тигэр тиийиэхпит. Онно мин ийэм, эн эбэҥ, тыла суох эмээх-
син баар буолуо. Ол эмээхсин эйигин көрөн үөрүө, эйигин
таптыа, — диэн эрдэҕинэ, вокзал айаҕынааҕы киэҥ болуоссат
ортотугар турар икки легковой массыына диэкиттэн хаалтыс-
таах, хара сукуна бүрүүкэлээх, бачыыҥкалаах киһи кэлэн,
үөрбүт-көппүт быһыынан илии тутуһан дорооболоһон баран:
«Эдэр киһи, аҕал илиигин!» — уол илиитин ылан ибигирэттэ.

    Бу айантан кэлбит дьон биирдэстэрэ Бурхалей Балтарыков,
иккиһэ Мариса Балтарыкова этилэр. Кинилэри көрсөөччү били
Мариса убайа Эрбантей Бургуев этэ. Бурхалей икки Мариса
икки били ийэ сир эргичийэр иэччэҕэ, ытыллар киинэ буол-
бут Москва куоракка алта сыл олорон, үөрэнэн, иккиэн үрдүк
үөрэҕи бүтэрэн баран, субу эргийэн кэлбиттэр. Онтон бу эдэр
киһи (уол) Москваҕа төрөөн-үөскээн баран, үйэ тухары үүнүөх,
үөрэниэх, үлэлиэх дойдутун буоругар кыракый атаҕынан уонча
эрэ хардыыны оҥорон турбут.

    Били субуруһан турар автомобиллар аттыларыгар тиийэн-
нэр, күөх халлаан оройуттан күлүмүрдээбит күрүлгэннээх күн
уотуттан күлүктэнэн, массыыналар түҥнэри өттүлэригэр чы-
мадааннарын үрдүгэр кэккэлэһэ олорон, ахтыспыт быһыынан
аһыы-аһыы, наҕылыйан элбэҕи кэпсэттилэр. Кинилэр граждан-
скай сэрии саҥардыы буолан эрдэҕинэ арахсыбыттарыттан
ыла бу кэлэн көрсүбүттэр. Верхне-Удинскайга олорбут кыһыл
байыаннай штабын сорудаҕынан, Эрбантей Дальнай Востокка
баран хаалбыт, онно баран бандьыыттар уонна Япония интер-
веннэрин сэриилэрэ ыраастаныар диэри кыһыл партизанскай
этэрээккэ саа тутан сэриилэһэ сылдьыбыта. Онтон Бурхалей-
даах Москваҕа үөрэнэ барбыттарын кэннэ эргийэн кэлэн,
Бахчай улууска машинно-тракторнай станция директора буо-
лан олорор эбит. Ол олорон Бурхалейдаах телеграммаларын

 238
   233   234   235   236   237   238   239   240   241   242   243