Page 236 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 236

нерал Бурхалей сирэйин саабылатын өнчөҕүнэн тоҥсуйда. —
Син биир куотуоҥ суоҕа, хайаан да тирииҥ сүлүллүө... Илдьэн
хаайан кэбиһиҥ! — генерал Бурхалейы, хараҕыттан хатат уотун
курдук уот сырдыргыы түһүөр диэри, саабылатын өнчөҕүнэн
хоҥоруутугар охсон «чап» гыннаран кэбистэ.

    Сыарҕаҕа чороччу кэлгийбит быаларын түмүктэрин булан
сүөрэн, Бурхалейы, сыарҕаттан туруору тардан ылан, илиитин
кэдирги кэлгийбит быаларын сүөрбэккэ, түҥ-таҥ соһон олбуор
хаҥас муннугар олорор ампаар дьиэҕэ илдьэн киллэрдилэр.
Ампаар иһэ үдүк-бадык муус түннүктэринэн сырдаабыт. Муос-
таҕа хааннаах таҥастар ыһылла сыталлар. Хаһан да оттуллу-
батах тоҥ дьиэ тымныы салгыныгар сор суоллаах Бурхалей,
тыына бурҕачыйбытынан, киирэн кэллэ.

    Бурхалейы илиитин быатын сүөрэн бараннар, уган, тас өт-
түттэн хатаан кэбистилэр. Бу дьиэ үрдүгэр поска турар киһи
төттөрү-таары хаамар тыаһа күчүгүрээн иһиллэриттэн атын
туох да иһиллибэт.

    Бурхалей, илиитэ босхо баран, били мэйиитэ дөйөр өлөр-
өлүү суолугар киллэрбит бааһын туттан көрдө. Бэргэһэтин ус-
тан баран чэчэгэйин туттан көрбүтэ: куйахатын алын кырыы-
тынан уҥуоҕуттан кыһарыйа хайа ыстанан хаалбыт.

    — Бачча чугаһаан баран, кыратык иһирдьэнэн барбыта буол-
лар, сэриигэ ытыалаһа туран сонно өлөн түһүөм этэ, оччоҕо
кыраммыттар илиилэригэр түбэһэн атаҕастабылы билбэккэ
өлүөм этэ, — диэн Бурхалей соҕотоҕун олорон кыра соҕустук
саҥаран баран сиргэ силлээтэ.

    Туран тыыллаҥнаан, илиитин-атаҕын хамсатан көрбүтэ: ки-
ниэхэ айылҕа «хотун» бэлэхтээбит тэтимэ баар курдук буолла.

    Төһө да абатыйбытын иһин, ньохчоҕор офицер кэпсээнинэн,
Угун-Убурга улахан кыайыыны кытта саҥа-саганистар баһылык
буолан хаалбыттара Бурхалейы бэркэ үөртэ.

                                         VIII глава

    Тыһыынчанан көс усталаах айаҥҥа кыайбыт-хоппут үөрүүтү-
гэр үлүһүйэн барбыт паровоз сииктээх сылаас паарынан са-
йыҥҥы саймаарбыт салгыны тоҕута кимирийэн, хас эмэ уону-
нан ахсааннаах пассажирскай вагоннары батыһыннаран баран,
сыыйылла сытар тимир ыллык устун, ойуулаах-оһуордаах күөх
толооннору быһыта сыыйталаан иһэн, тоҕуттан-хайыттан түспүт
чочумаастаах үрдүк хайалар түгэхтэринэн дьөлүтэ хаһыллан
оҥоһуллубут туннеллары бэтэрээ өттүнэн тимис гынаат, ана-

 236
   231   232   233   234   235   236   237   238   239   240   241