Page 235 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 235

өлбүт уонна билиэҥҥэ тутуллубут, икки «максим» пулемет,
40-ча саа, үс дьааһык ботуруон, биир дьааһык граната был-
дьаммыт. Оттон кини салайар взвода буоллаҕына, бэрт суос-
таахтык утарса сатаан баран, хаһан да кыайан тутумматыгар
тиийэн, бэрээдэктээхтик куотан биэрбит.

    — Коробейников — суолас, ньэгэдьээй... Ылыҥ, истиҥ эрэ,
офицер тойоттор! Кини дьалаҕайа биһигини хас да төгүл ал-
дьархайга тириэртэ, ол кэннэ бэйэтэ да сол дьалаҕайыгар
өллө, — диэн сүөлэҥэдийэн саҥаран, генералынан ааттыыр
киһилэрэ, уһун бараан тулууп сонун сөрүү тардынан кэбиһэ-кэ-
биһэ, сыарҕа аттыгар чугаһаан кэллэ. Кини аллараа сэҥийэ
бытыгын бириэйдэнэн баран, үөһээ уоһун бытыгын туора тар-
да үөрэппитэ, көтөн иһэр чыычаах кынатын курдук, таллайан
көстөр, удьурҕай хамсаны умсары туппут курдук, сүһүөхтээх
муннун таныытын хамсатан кэбистэ.

    — Генерал тойон! Бу Бурхалей Балтарыков диэн бурят, бэрт
элбэх алдьархайы оҥорон баран, билиэҥҥэ тутулунна, — диэн
ньохчоҕор офицер генералга арааппардаата. — Кини, грана-
таны быраҕан, 5 киһини өлөрдө.

    — Бу дуо?! Ороспуонньук, эн биһиги илиибититтэн тыын-
наах барыаҥ суоҕа... Эйигин аакка быһа ыытыахпыт! — диэн
генерал Бурхалейы өттүккэ тэптэ уонна сирэйгэ силлээтэ.

    — «Ороспуонньук!» Эн бэйэҥ ороспуонньуккун! Кэл эрэ,
быаргын быһа тэбэн кэбиһиэм, — Бурхалей туох баар куола-
һынан ыгылла-ыгылла хаһыытаата.

    Генерал, тулуубун арыйа тардан, өттүгүттэн саабылатын сыыйа
тардан ылан эрдэҕинэ: «Генерал тойон! Бэрт элбэх буруйу
оҥорбут киһи. Биһиги үрдүк сололоох тойоммут Семёнов ки-
нини түбэстэҕинэ тыыннаахтыы бэйэтигэр тириэрдэргэ бары
байыаннай чаастарга приказтаан турар, ону эн бэйэҥ билиигэр
ыл», — диэн, ньохчоҕор офицер тиэтэйэ соҕус хабдьыгыраата.

    — Адъютант! Көр эрэ испииһэги....
    Биир, синиэлин саннынан кириэс-мараас кэтит саппыйаан
курдаах киһи, өттүгэр кыһарыйан, бэрт элбэх айахтаах суумка
иһиттэн ыксал бөҕөнөн уһун синньигэс кумааҕыны таһааран,
халлаан сырдыга тыган эрэр өттүн диэки иҥнэри тутан, үөһэт-
тэн таҥнары көрөн түһэн иһэн:
    — Балтарыков Бурхалей... Кини, Турахин сирэй көрдөһүү-
түнэн, тыыннаахтыы үрдүк сололоох Семёнов дьаһалыгар ба-
рыахтаах, — диэн симиттибит курдук саҥарда.
    — Эй, суолас! Дьиикэй бурят, эн биэлэй офицердарын
хааннарын тоҕорго хантан быраап ылбыккыный? — диэн ге-

                                                                                                                                     235
   230   231   232   233   234   235   236   237   238   239   240