Page 239 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 239
ылан, манна көрсө, тиэйтэлээн бараары, икки легковой мас-
сыыналаах кэлбит.
Бу дьон өр буолан баран көрсүспүт үөрүүлэригэр тохтоон
кэпсэппэхтээн бараннар, Бурхалей Марисалыын оҕолорун ил-
дьэ биир массыынаҕа олорон, Эрбантей таһаҕастары илдьэ
атын массыынаҕа олорон, Бахтай айанын суолунан айаннаан
бардылар. Шофердар бэйэ-бэйэлэрин массыыналарын ка-
бинкатын иһигэр олорон, кнопкаларын баттаан биэрдэхтэрин
аайы, уһун синньигэстик дыыгынаһан, утары кэлэн иһээччи-
лэри уонна суол устун баран иһээччилэри сэрэтэллэр. Урут
буоллаҕына, тайахтаах, сүгэһэрдээх буряттар икки харахтарын
уутунан сууна-сууна айаннаан иһэннэр, аттаах тойоттору кө-
рүстэхтэринэ, туораан биэрэн бараннар, быар куустан ту-
ран үҥэн-сүктэн боҕуйбут кыараҕас ыллык суоллара, били-
гин томтордоро тоҕута хаһыллан, аппалара тааһынан симиллэн,
аарыгырар айан аартыга буолан уларыйбыта Бурхалейы бэркэ
дьиктиргэттэ.
Урут тоһоҕо төбөтүгэр туоһу кыбытан дьуолкаламмытын он-
нугар, суол аҥаар кырыытынан телеграмма баҕаналара баты-
һан кырылаан истилэр. Урукку кураанах куйаар хочолор киэптэ-
рин тухары үүнүүлээх күөх бурдугунан күөгэлдьиһэн, дьоллоох
олох дьоннорун кыайыыларынан өҥнө олордулар. Урукку ку-
малаан, хамначчыт Байкала билигин социалистическайдыы
Байкал буолбутун дакаастыыр иннигэр, Харасаай биэрэгин
диэкиттэн Ангара өрүс сүнньүн диэки хастыы да баарсалары
соһуталаабыт икки борохуот, өһөх хара буруоларын өрүллүбүт
суһуох курдук субуччу быраҕан, күөх ууну көҥү ытыйан айан-
наан иһэллэрэ көстөр.
Былыргы Бадаҥ Турахин, Бурят-Монголияны Россияттан араа-
ран ылан, баайын-быйаҥын Япония империалистарыгар өҥө-
лөһө-өҥөлөһө, бэйэтэ ыраахтааҕы буолан, кыра-дьадаҥы дьо-
ну баттаабытын өссө ордук халыҥатыах буолан этэ сатаабыт
дойдута билигин, Советскай былаас дьаһалын иһинэн, киһи
билбэт гына уларыйбыта чахчы биллэр эбит. Урукку тыла суох
Сотто эмээхсин уола, кумалаан Бурхалей, үрдүк үөрэҕи ылан,
өйө-санаата сайдан кэлиитигэр, кини төрөөбүт-үөскээбит дой-
дута Бурят-Монголия аҕыйах сыл иһигэр атын айылҕанан киэр-
гэнэн тоһуйбута. Кини сор, баттыгас, ыар ынчык дойдутуттан
үрдүк үөрүү, үскэм быйаҥ дойдута буола кубулуйбута, айан
дьонун сүрэхтэрин үөрүүнэн нүөлүппүтэ.
Бэрт элбэх таһаҕастаах грузовиктар, бэрт элбэх күлбүт-үөр-
бүт дьону тиэйбит легковой массыыналар, суол ортотунан
239