Page 243 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 243

тумулугар массыыналар өрө куугунаһан тахсан истэхтэринэ,
бэрт элбэх тыа хаһаайыстыбаннай массыыналарынан туолбут
саҥа сарайдарын таһынан ааһан иһэн, Бурхалей бу тумул МТС
территорията буолбутун чуолкай биллэ. Бэрт элбэх саҥа дьиэ-
лэринэн төгүрүтүллүбүт олбуор айаҕар тиийэн иһэн, бастакы
автомобиллар тохтуулларын кытта, айан дьоно уһун айаннарын
аҕыйах хонук иһигэр бүтэрэн, түһэн кэллилэр.

    Сотто эмээхсин, луохтуур курдук маҥан халаатын бөрдөнөн
баран, икки тимир ыаҕаһы илиитигэр биэрэҥнэтэ-биэрэҥнэтэ,
олбуор хоту айаҕынан киирэн иһэрин көрөн, Бурхалей киниэ-
хэ утары баран, илии тутуһан дорооболоспутугар, кини эмиэ
бэрээдэккэ үөрэммит киһи буолан, илиитин өттүгэр соттон кэ-
биһэн баран, илии тутуһан дорооболосто. Ол да буоллар Сотто
уолун билиминэ, кини МТС дирекциятыгар наадалаах киһи буо-
луо дии санаан, МТС хонтуоратын диэки ыйан кэбиһэ-кэбиһэ:
«Бабах», — диэн сарылаан саҥарда. Бурхалей ийэтин кытта
тарбаҕынан кэпсэтэргэ үөрүйэх этэ, онон сүрэҕин таптанан кэ-
биһэ-кэбиһэ, икки тарбахтарын сүүрэн эрэр киһи атаҕын курдук
кыймаҥнатан көрдөрдө. Итинэн кини: «Эн уолуҥ быһый киһи
кэллим», — диэн тыла суох Сотто эмээхсиҥҥэ эттэ. Бу Сотто
эмээхсин урут уолун Бурхалейы: «Быһый», — диэн тарбахта-
рынан сүүрдэн ааттыыра. Эмээхсин буоллаҕына уола «кэллим»
диэн эппитин: «Уолуҥ ханна барбытай?» — диэн ыйытта дии са-
наан, тарбахтарынан сапсыйан: «Өлбүтэ өр буолла, кинини суон
дьон саанан ытан өлөрбүттэрэ», — диэн кэпсии турда. Онтон
Бурхалей ийэтин аһынарыгар хараҕыттан уу баһан ытамньыйа
түһэн иһэн, ийэтин кууһан ылан сүүһүттэн сыллаата уонна лаппа
илиитинэн быһааран: «Эн уолуҥ ыраах сиртэн кэллим», — диэн
кэпсээбитигэр, эмээхсин, дьэ өйдөөн болҕойон, уолун чарапчы-
ланан көрдө, онтон ыаҕастарын хаҥкыр гына сиргэ быраҕат-
таан кэбиһэн баран: «Ба-бах!» — диэн сарылаабытынан-ытаа-
бытынан, уолун атаҕын кууспутунан сиргэ күс гына охтон түһэн,
ыһыктыбакка кууһан баран ытыы сытта. Кини быһыыта уолун
ыраас таҥаһыгар ынах ыабыт халааттаах түөһүнэн саба түһүөн
кэрэйэн, атаҕыттан кууспут эбит. Бурхалей буоллаҕына, ийэтин,
өрө тардан, ааттаан-ааттаан туруорда. Эмээхсин туран уолун
аттыгар уҥуоҕа илибирии-илибирии ытыы турда.

    Маны Мариса көрөн аһынан, уйадыйбыт курдук уулааҕынан
көрүтэлээтэ, онтон кыра уол муодарҕаан чөрбөччү аҕатын диэ-
ки көрөн кэбиһэ-кэбиһэ, муннун өрө сыҥсыйар. Бурхалей, ийэ-
тигэр Мариса диэки ыйан кэбиһэ-кэбиһэ, тарбаҕынан: «Ити
мин кэргэттэрим», — диэбитигэр, эмээхсин кырдьыктамматах

                                                                                                                                     243
   238   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248