Page 241 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 241
онон аны миэхэ кэлиэ суоҕа диэн курутуйбутум даҕаны ээ, —
Бурхалей мичээрдээн кэбиһэр.
— Онно мин сааппатаҕым үһү дуо? Дьадаҥы ыал кыыһа
килбик эрэйдээх сүдү тойоттортон саата-саата таптаабытым
бэрдиттэн, киэммиттэн-кэрээммиттэн тахсар курдук сананан,
баҕар, кини кэлээрэй диэн, биэрэккэ киирэн кэтэһэ турдахпы-
на, ууга өлө сыһа-сыһа киһим эрэйдээх тахсан кэлбитин, киһи-
бин туран буруйдааҕынан тутан хаайыыга илдьэ баран хаал-
быттара. Бу эрэйдээх, сирэйим итийэ-итийэ тырыта барыах
курдук буолбута... Ол да буоллар тапталым син бэйэтэ бэ-
йэтинэн хаалбыта. Онно мин санаабын уларыппатаҕым били-
гин мин дьолум буолла. Ама мин эйиэхэ түбэспиппин хайдах
дьолбунан аахпат буолуомуй? Эн курдук мин санаам иһинэн
сылдьар киһи миэхэ хаһан түбэһиэх этэй? Эн миигин тыыным
быстарыгар ананан хаайыллыбыт хаайыыбыттан быһаатыҥ.
Миигин эн быыһаатыҥ бандьыыттар хааннаах илиилэриттэн,
эн миигин уонна убайбын Убса-Нур күөл сиһигэр хоргуйан
өлөрбүтүттэн быыһаатыҥ. Эн мин убайбын эһэ тутан сии-
риттэн быыһаатыҥ. Миигин эн үрдүк үөрэххэ тириэртиҥ. Эн
айылҕаттан барыны кыайар-хотор тэтимнээх буолан үөскээ-
битиҥ, эр санаалаах, хорсун киһи буолан үөскээбитиҥ биһиги
барыбыт дьолбут буолар.
— Дьэ, ити барыта кырдьык... Мин тыла суох кумалаан
эмээхсинтэн төрөөммүн, Мугучай тойон хотонугар кыл тыыным
эрэ быстыбакка сылдьан, чэгиэн-чэбдик буолбутум, кырдьык,
барыбыт дьолбут буолла...
Бу курдук кинилэр легковой массыынаҕа, нэҥсиэтэ суох
суол устун айаннаан иһэннэр, дьоллоро түмүктэммит үөрүүлээх
күннэригэр үөрүүттэн долгуйбут кэпсэтиилэрин тигиниир-ти-
рилиир тыас быыһыгар муннаран баран истэ. Кинилэри кытта
бииргэ үөрэнэн комвуһу бүтэрэн баран Чувашияҕа барбыт Ах-
мет Галиев туһунан кэпсэтэн бардылар.
— Доҕорум, Ахмет биһикки Петро-Заводскай түрмэтиттэн
куоппуппут бу баар курдук ээ. Оо! Биэбэкэм быһый, бөҕө,
хоодуот-хорсун да киһи буоллаҕа. Түрмэттэн куотарбытыгар
кини алдьаммыт хаатыҥкалаах атаҕа мин иннибэр түһээри
биэрэҥэлээбитэ куруук харахпар көстө сылдьар курдук... Кини
даҕаны дьоллонно. Үөрэҕин үчүгэйдик бүтэрдэ. Дойдутугар
баран улахан үлэҕэ киирэр киһи буолуо, — Бурхалей аттыгар
кэккэлэһэ олорор уол баттаҕын имэрийэн көрөр.
— Бу кыракый Бурхалей ээ, — Мариса уолун илиитин ылан
ууруур. — Мантыкаҥ эмиэ модун санаалаах ээ. Мин Иркут-
241