Page 244 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 244
курдук уол диэки уонна Бурхалей диэки хардары-таары көр-
бөхтөөн баран, кинилэр дьүһүннэрэ биириттэн кырдьыктанан
ытыырын тохтотон, сирэйин-хараҕын халаатын эҥээринэн сот-
тон, баҕар, сөбүлүөхтэрэ суоҕа диэбиттии, албыннаһа таарыйа
ымайан күлбүтэ буола-буола, илии тутуһа сарайбытынан бар-
да. Мариса буоллаҕына эмээхсин, абырҕал курдук, адаарыччы
хаппыт тарбахтарын икки илиитинэн холбуу тутан дорооболос-
то уонна уолун көтөҕөн ылан биэрдэ. Эмээхсин уолу сүүһүттэн
сыллаан ылаат, сүрэҕин таптанна, онтон өй ылан сиргэ сытар
ыаҕастарын таарыйа харбаан ылаат, бэйэтин үөрүүтүн тыл-
лыы, дьиэ иһигэр сүүрэн киирдэ.
Били икки ардыгар Эрбантей дьиэҕэ киирэн Бурхалейдаах
кэлбиттэрин кэргэттэригэр тыллаан, бары таһырдьа тоҕо суул-
лан таҕыстылар. Эрбантей хотуна, сомуон баланыыссатын кы-
лаабынай доктора, үрдүк уҥуохтаах хатыҥыр нуучча дьахтара
хаһааҥҥыттан эмэ билсибит дьонун көрсө тахсыбыт курдук,
күлбүтүнэн, бурят-нуучча икки ардынан дьүһүннээх биэстэрэ-
түөртэрэ буолбут икки уол оҕону иннигэр уктан, тахсан айан дьо-
нун кытта дорооболоһуталаан барбыта. Били Мариса ийэтэ —
икки хараҕа суох дьүлэй эмээхсин, сирдээн таһаарбыттара, суох
буолбут харахтарын көмүскэтигэр уу баһыллан, сирэйэ сииктээх
иһэн, силигэр чачайа-чачайа: «Тукаам, Мариса, аҕал илиигин»,
— дии истэ. Оттон Сотто эмээхсин буоллаҕына, били өр бииргэ
олорбут эмээхсинэ кини кийиитэ буолуохсут дьахтары кууһан
туран сүүһүттэн сыллыы-сыллыы ытыы турарын көрөн: «Бу мин
уолум ыраах сиртэн булан аҕалбыт дьахтарын хаһааҥҥыттан
билбит эмээхсиний?» — диэн муодарҕаабыттыы көрөн турда.
Урукку Бадаҥ Турахин, Мугучай Баянов, Атен кинээс кума-
лааннара, билигин социалистическай Бурят-Монголия бастыҥ
салайааччылара уон сыллаах уларыйыыга түмүктэммит дьол-
лорунан айхаллаһан көрсөллөрүн социалистическай дойдуну
сыдьаайбыт сырдык күн, күөх күлүм үөһүттэн күлбүт курдук,
көрөн турда.
Ыраахтан кэлбит айан дьонунуун, дьиэлээхтэрдиин бары
дьиэ иһигэр киирдилэр. Дьэрэкээн ойуулаах көбүөр сабыы-
лаах муосталар устун хаамсан, хас да хостору ааһан, тула
өттүгэр венскэй олох мастары кэккэлэтэ ууруллубут саалаҕа
киирэн олордулар.
Урут билсиспэтэх эрээри, сурахтарынан ахтыспыт дьахтал-
лар, кэмчиэрийиитэ суох, кэргэннэспит дьон курдук, кэпсэтэн
бардылар. Эрбантей Бурхалейы кытта ыга кэккэлэһэн олорон
кэпсэтэ истилэр.
244