Page 248 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 248
СЕРАФИМ РОМАНОВИЧ КУЛАЧИКОВ — ЭЛЛЭЙ
Саха норуодунай бэйиэтэ
(1904—1976)
«Мин кыстык хаарынан сабыллы-
быт саха балаҕаныгар сайын күөхтүү
охсуллубут биир кыбыныы от үрдүгэр,
оттуллубут көмүлүөк оһох имик-самык
сырдыгар 1904 сыллаахха сэтинньи 29
күнүгэр күн сиригэр көстүбүтүм үһү», —
диэн бэйиэт С.Р. Кулачиков — Эллэй ах-
тар. Ийэлээх аҕата, алта оҕону атах-
тарыгар туруорар инниттэн, уһанан, иис-
тэнэн айахтарын ииттинэн олорбуттара.
Эллэй, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, нууч-
ча бэйиэттэрин А.С. Пушкин, М.Ю. Лер-
монтов, Н.А. Некрасов айымньыларын
умсугуйан ааҕара, үгүстэрин өйүттэн
этэрэ. Суруйааччы бэйэтэ ахтарынан, П. Ойуунускай поэзия-
та суруйар-айар үлэтигэр элбэххэ үөрэппит. Уопсайынан да,
Эллэй айылҕаттан айдарыылаах бэйиэт буолан, олоҕун уста-
тын тухары тугу этэрин-тыынарын барытын кэриэтэ рифма-
лыы, ритмнии сатыы сылдьар буолбута. Онон кини силлаби-
ческай хоһоон сайдыытыгар элбэх үтүөлээх-өҥөлөөх бэйиэт.
Ол курдук «Элбээн эрэбит», «Таба», «Аҕам», «Буурҕа-буулдьа
дьылыгар», «Үс ыстыык үөһүгэр», о.д.а. айымньылара 20-с
сыллартан киэҥник тарҕаммыттара, кини хоһооннорун норуот
сөбүлээн ыллыыр этэ. Ити кэмтэн ыла Эллэй аата сахалыы
саҥалаахха барытыгар биллэр буолбута.
Ааҕыы, ырытыы
Аҕам
Туос түннүк быыһынан
Тураргын көрөбүн...
Саһархай хараххын,
Санааргыыр дьүһүҥҥүн...
Хаптаһын хайытар
Харыларын үрдүгэр
248