Page 251 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 251
Ааҕыы, сэһэргэһии
Ол түүн
(Ааспыт олохтон)
Чох хара түүммүт уһунун!
Силлиэ тыал көтөр, сүүрэр,
Муус кырыа дьиэбит оһоҕун
Уотун тыал саба үрэр...
Хардаҕас маспыт баранна...
Уо, аҕам хаһан кэлиэй?
Балаҕан тымныы, хараҥа —
Ким маһы таһан биэриэй?
«Ийэккээм, уоккун отун даа!
Кинигэ ааҕыам этэ...»
Онуоха ийэм ыллаата,
Сүрэхпин миэнин үөртэ.
«Чэ, бэйи, тукаам, билигин
Куобахтаан аҕаҥ кэлиэ,
Кини нэк сонун кэтэммин,
Мин маһы сүгэн киириэм...
Эн аҕаҥ муҥнаах сис тыаҕа
Буурҕаны кытта сырсар,
Эйигин, миигин иитээри —
Куобахха айа тардар.
Кыһыҥҥы түүммүт барыыта,
Аҕаккаҥ отун тиэйэр,
Күн үөһэ көтөн тахсыыта,
Мас мастыы баайга сүүрэр...
Күн сырдык көмүс уорҕата
Ой тыаҕа кылбас гынар.
Оччоҕо аҕаҥ атаҕа
Халыҥ хаар устун хаамар...
Түүн үөһэ буолуор дылытын
Сис тыаҕа бултуур-алтыыр,
251