Page 249 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 249
Хаар бөҕө түһэрэ
Харахпар элэҥниир.
Уо! Аҕам оҕонньор,
Туох тимир күүстээххин,
Өттүктээн сынньанар
Үгэһи билбэккин!
«Тэрээккин» кытары
Тииттэри суораҥҥын,
Титииги, ампаары
Тэрийдиҥ, оҥордуҥ!
Сайыҥҥы куйааска,
Кыһыҥҥы дьыбарга
Соҕотох да чааска
Сололоох турбаккын.
Үлэҕин таптыыгын...
Үп-үрүҥ суорааһын,
Үөрбүттүү-көппүттүү,
Өрүтэ көтөөхтүүр.
Уо! Аҕам оҕонньор,
Оҕолоргун иитэҕин,
Утуйар, сынньанар
Олоҕу билбэккин!
1928 с.
Тылбытын байытабыт
Тэрээк сүгэ — бии өттүнэн лаппа кэтит, тэрэгэр чараас сүгэ.
Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Аҕаҕа тапталы, ураты истиҥ сыһыаны хоһоон ханнык тыл-
лара ордук биэрэллэрий? Бэйиэт иэйиитин, ис туругун ары-
йар кэрчиктэри булан өссө төгүл ааҕыҥ, тэтэрээккитигэр
сурунуҥ.
2. Хоһоон тылыттан-өһүттэн сылыктаатахха, аҕа туох дьарык-
249