Page 247 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 247

Өйдөө, болҕой

    Уус-уран быһаарыы — эпитет, биридимиэт, көстүү өҥүн, дьүһүнүн,
бэлиэтин, хаачыстыбатын харахха көстөн кэлэрдии хоһуйар ойуулуур
тыл, уус-уран ньыма.

                                          ЛИТЕРАТУРАЛАР АЛТЫҺЫЫЛАРА

    Атын омук литературатыгар саха киһитин уобараһа. В.Г. Королен-
ко айымньыларыттан холобурдааҥ.

                           УУС-УРАН ТЫЛ ЭЙГЭТИГЭР

    «Эрилик Эристиин өссө 1929 сылтан ыла Бурятия олоҕунан
интэриэһиргиирэ биллэр. Ол кини ити кэмтэн ыла «Бурят-мон-
гольская правда» хаһыаты сурунарыттан да көстөр.... Сэһэн бас-
такы аата «Бурят омук партизана» диэн эбит. Бу барыйаан бы-
һыытынан, Эрилик Эристиин сүрүн болҕомтотун бурят норуота
маҥнайгы империалистическай сэриигэ сыһыаныгар, Октябрь-
скай революция иннинээҕи событиеларга уурбут эбит».

                                                                                 Н.Н. Тобуруокап

    Суруйааччы айымньы иккис барыйааныгар Мариса, Эрбантей,
Кэнтэй, Ахмет Галиев уонна Турахин тойон ынырык мөссүөнүн
өссө күүскэ көрдөрөр чахчылары киллэрбитэ. Сэһэн ис хоһоо-
нугар эмиэ уларыйыылар киирэллэр. Холобура, баайга-харчыга
ымсыыран Турахин тойон биир саамай кыраһыабай кыыһы мун-
на-уоһа тоҕута сытыйан түспүт баайга умса анньан биэрэр ыар
хартыыната бастакы барыйааҥҥа суох. Бу барыта айымньы уоба-
растаан көрдөрөр ньымаларын байытан, ис хоһоонун дириҥэтэн,
букатын саҥа айымньыны үөскэппит.

Уруок кэнниттэн

    Олорор сиргитигэр баар түмэлгэ Гражданскай сэриигэ анаммыт
матырыйааллары көрүҥ. Сэбиэскэй былааһы олохтоспут биир дой-
дулаахтаргыт туһунан презентацията оҥоруҥ, аҕа саастаах дьонтон
кинилэр тустарынан интервьюта ылан ааттарын үйэтитиҥ.

                                                                                                                                     247
   242   243   244   245   246   247   248   249   250   251   252