Page 242 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 242

скайы ааһан иһэн ытаабытыгар: «Эн ытыыр буоллаххына, Мань-
чжурияҕа Япония генералларыгар илдьэн биэриэм, оччоҕо
эйигин ол тойоттор хаайыахтара» — диэбитим. Онно сутуру-
гун сыыһын тутта-тутта: «Оччоҕо мин эһиги генералларгытын
төбөлөрүн хампы охсуом», — диэхтиир буоллаҕа. Ол кэннэ:
«Биһиги Ленин дойдутун оҕолоробут!» — диэн ырыалаах ээ.
—Мариса уолун бэйэтигэр сыһыары тардан ылбытыгар, уол
ийэтин ньилбэгэр тахсан бүк түһэн барда.

    — Ийэм эрэйдээх миигин уонча сылы быһа сүтэрэн кэбиһэн
баран, тугу саныыра, төһө ытыыра буолла? Көрөн даҕаны бил-
бэт буолбут киһи буолаахтыа ээ.

    — Мин ийэм даҕаны төһө ахтан сордоноро буолла. Иккиэн
эмээхситтэрбитин ылан, туох күүспүт кыайарынан маанылаа-
тахпытына сөп. Биһиги иннибитигэр эрэйдэммиттэрин боруос-
туохха наада, — диэн баран, Мариса ньилбэгэр бүк түспүт
уолун ходьоччу олордор.

    Автомобиллар субуруспутунан, Мариса били атынан өрө
сүүрдэн тахсан баран хат эргийбэтэх, Бурхалей буоллаҕына
аҕыс сыллааҕыта Турахиннааҕы тутан барарыгар сылдьыбы-
тыттан ыла хат эргийбэтэх Ат-Дабааннарын таҥнары куйааран
түһэн истэхтэринэ, били эргэ сиҥнэриспит бабаарыналардаах
Бахтай улууһа, дьүдьэх дьүһүнүн суох гынан, саҥаттан-саҥа
дьиэлэринэн киэркэйбит киэбэ көһүннэ.

    Бу суол кинилэр куоталларын саҕана, силистээх-мутуктаах
кыараҕас ыллык эбит буоллаҕына, хайа быарынан көнөтүк ха-
һыллан, үрүт өттө тааһынан симиллибит киэҥ аартык буолан
килэдийэн түспүт. Улуус уһугар киириигэ били, Бурхалейдаах
куотан истэхтэринэ, кинилэр иннилэрин күөйэ хобураактар
сырсан киирэннэр хаайса сылдьыбыт көтүрүллүбүт күрбэлэрэ
устуруустаах хаптаһынынан уһаты ууруллан оҥоһуллан баран,
икки өттө аҕыраада күрүөлээх муоста буолбут. Оттон били Ту-
рахин Бахтайын бастыҥ киэргэлинэн буолбут, үс хос үрдүк
сарбынньахтардаах дассан оннугар уһун эркинигэр уонтан тах-
салыы түннүктэрдээх саҥа дьиэлэр турбуттар.

    Кинилэртэн биирдэстэрин аанын үрдүгэр, күөх кырааска-
лаах хаптаһыҥҥа «Бахтай толорута суох орто оскуолата» диэн
көмүс букваларынан суруллубут. Массыыналар ол дьиэлэр-
дээх тумулу ааһан истэхтэринэ, саҥа дьиэлэринэн кэккэ-
лээбит кыбаартал ортотугар уулусса өттүнэн киирэр үрдүк
кирилиэстээх күүлэ айаҕын үрдүгэр «Бахтай педагогическай
техникума» диэн бөдөҥ көмүс буквалар көстөн аастылар. Ол
курдук элбэх дьиэлэри ааһан, былыргы Сомуон управлениетын

 242
   237   238   239   240   241   242   243   244   245   246   247