Page 232 - Литература 8 кылаас 1 чааhа
P. 232

лэрин уматалаабыттар. Ол алдьархай ортотугар бу икки уол
мүччү туттаран куотан хаалбыттар эбит.

    Улуус диэки умайан уохтара-кыымнара мөлтөөн эрэр кутаа-
лар оннуларыгар, саҥа кутаалар хараҥа барыгы кытта өрө
тустан тахсыталаатылар, дьон сарылаһыыта эбии хойдон тах-
сан иһэр. Партизаннарга өр бириэмэни ыытар тулууру бу ай-
дааннар суох гыннылар.

    Онон улуус икки өттүттэн атаака оҥорон киирэр сүбэ барыта
бэрт аҕыйах мүнүүтэ иһигэр бүтэн, икки аҥыы хайдыһан сыап-
таан, улуус диэки түргэн хаамсыынан киирэн бардылар. Бур-
халей сыап хаҥас өттүнэн второй взводу бэйэтэ командалаан
барда. Киэҥ толоону быһа сыаптаан тахсаннар, улуус үрэх
диэки өттүнээҕи хара сыырга кэлиэхтэригэр диэри өстөөхтөр
өттүлэриттэн туох да биллибэккэ, улуустааҕы айдаан куруук
кэҥээн тахсан истэ. Икки этэрээт иккиэн улуус икки баһынан
хара сыыры өрө дабайан тахсан, уулусса бастарыгар киир-
тэлээн эрдэхтэринэ, улуус ортотун диэки айдаан, ыһыы-хаһыы
бөҕө буола түһэрин кытта, ылтаһын үрдүгэр таммалаабыт там-
мах тыаһыныы тыастар иһиллэн бардылар, кыым уотун курдук
уоттар кыламнастылар, офицер тойоттор уордайбыт хаһыы-
лара уйгуурбут салгыҥҥа сатараан бардылар. Партизаннар
өттүлэриттэн буоллаҕына үрүт-үрдүгэр: «Ураа!» — диэн хаһыы-
таһыы буола түһэрин кытта, хараҥа уулусса сырдыы түһүөр
диэри уоттар чаҕылла түстүлэр. Онтон ыла дьүүлэ-дьаабыта
биллибэт уот холорук бүтүн улууһу үлтү ытыйда, быһаарыыта
суох биир кэлимсэ ньиргиэр ортотугар пулеметтар, тохсунньу
ыйдааҕы тоҥсоҕой тоҥ маска торулуурун курдук, быыстала
суох уһун синньигэс тыыннарынан орулаан түстүлэр. Парти-
заннар суостаах алдьархайтан өссө ордук сэтэрээбит курдук
кимэн, улуус ортотунааҕы дьиэлэр тастарынааҕы өстөөхтөргө
чугаһаан кэллилэр.

    Бурхалей бэйэтин этэрээтиниин сүөһү иигинэн-сааҕынан
туолбут киэҥ уулусса устун өрө сырсан, ытыалыы-ытыалыы
саа уотунан сырдаан олорор сиргэ чугаһаан кэллилэр. Бурха-
лей олус бардамнаан, дьонуттан урутаан, өстөөхтөр аттылары-
гар ыга сүүрэн тиийэн иэҕиллэ түһэн баран, граната быраҕан
иһэн, төбөтө «чуҥ» гына түһээт, тугу да билбэт буола түстэ.

    Төһө өр бу курдук буолбутун Бурхалей билбэтэ... Арай биир-
дэ үдүк-бадык өйдөнөн кэлбитэ: илиитин-атаҕын хамсаппат
гына, туох эрэ тимир курдук ыга ылбыт уонна кини киһилээҕин
билбэт да эрээри чигди устун соһуллан баран эрэр курдук. Он-
тон эбии барыны бары өйдөөн кэллэҕинэ, дьон саҥата үрдүгэр

 232
   227   228   229   230   231   232   233   234   235   236   237