Page 155 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 155

т³. Бука бары аны уол улаатан туох ханнык буолуон ту´унан
таайа сатыыр м³ккү³рүгэр түстүлэр.

    — Чи², дьэ чи² ки´и кэлбит эбэтээ!
    — Ким билэр. Куола´ыгар туох эрэ, биир Устугас таайын
санатар, олоҕо суохха дылы баара дуу?
    — Кэбис-кэбис, мин санаабар, ³сс³ чи²-ча², олохтоох и´ил-
лэргэ дылы.
    — Чэ, булчут эрэ буоллун! Атын ки´и эрэ буолбатын!
    Кырдьаҕас Суор, итини истэн олорон, сонньуйан ылла:
    — Аккаарылар, уол улаатан туох буоларын э´игиттэн ыйы-
тара биллибэт. Чэ, бу дойдуга букатын кэлбит күтүрдэр кы-
тааты²! Би´иги, аҕыйах үйэҕэ кэлбит быстах аналлаахтар, бү-
тэр у´укка биирдэ ахта-саныы сылдьардыы, үчүгэй аҕайдык
минньигэстик эрэ а´аатарбыт. Би´иги кэннибититтэн хайаа²
даҕаны, ону сымыйанан таайа сатыах суох.
    Са²а уол ту´унан кэпсэтии ³рг³ диэри салҕанан барда, арай
Суор ону кэрэхсээбэккэ эрэ олорбохтуу тү´эн баран, тулуйба-
та, олорор мутугуттан тэбинэн, ү³´э таҕыста уонна түргэн-түр-
гэнник сапсыммахтаан, Орулхан диэки салалынна. Онно кини
³р сыллаахтан ыаллыы олорбут Доҕор диэн ү³лээннээҕэ баар.
Ким туох сонуну биллин, а´ы буллун, барытын тэ²²э үллэстэл-
лэр. £сс³ ³т³р-³т³р ыалдьытта´ан орто дойду олоҕун ту´унан
кэпсэтэр идэлээхтэр. Оттон билигин Кырдьаҕас Суор доҕо-
ругар илдьэ и´эр ү³рүүлээх сонунун ту´унан санаан, астынан
та²алайын тыа´атан ылла.
    Суор кырдьан элэйбит кынаттарынан тыастаахтык курдур-
ҕаччы сапсына истэ. Тыа аллара хаалла. Бэркэ ырычаахта´ан,
Суор халлаа²²а ³р³ ханарыйан таҕыста. Орулхан сыгынньах
кирбээтин үрдүнэн н³²ү³ тү´эн, Сыгынньах аппа диэки халыйда.
    Доҕоро уруккуттан таптаан тохтуур ма´ыгар соҕотоҕун сох-
соллон олорорун ыраахтан биллэ. Кини кэлэн сэргэстэ´э түс-
пүтүн соччо сэргээбэтэхтик ³лб³³дүйбүт харахтарынан к³р³н
кэбистэ.
    — Доҕоор, этэ²²э тыыннаах тиийдэххэ, аны аҕыйах сылы-
нан итии хааны, сылаас эти сиир буоллубут.
    — Дьэ? Ол аата тугуй?
    — Аата Са²а булчут диэн!
    — Ээ, ону этэр эбиккин дуу? Ким билэр… Сүү´үгэр сурул-
лубатах буоллаҕына, ханна барыан айбыт Айыылара да сэ-
рэйбэттэр ини.
    — Туой бары инньэ диир абаҕыт баар ээ! — Кырдьаҕас

                                                                                                                                     155
   150   151   152   153   154   155   156   157   158   159   160