Page 151 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 151
5. Дьону кытта кэпсэтэриттэн көрөн, ол киһи быһыытын-май-
гытын билиэххэ сөп дуо?
6. Эн санааҕар, ханнык кэпсэтии ордук сиэрдээҕий, хайҕаныан
сөбүй?
7. «Кэпсэтииттэн биирин эмэ
Кэккэлэтэ кэпсиим эрэ»
диэн ааптар түмүктээбит эрээри, ол кэпсээнэ манна киир-
бэтэх. Бэйэҥ санааҕын эт.
Уруок кэнниттэн
Кылаас таһыгар П. Тобуруокап хомуурунньугуттан салгыы
ааҕан, ааптар ханнык кэпсэтиилэри уонна тоҕо хоһуйбутун бы-
һаарарга холон.
НИКОЛАЙ АЛЕКСЕЕВИЧ ЛУГИНОВ
Саха норуодунай суруйааччыта
(1948)
1974 сыллаахтан бэчээттэнэр. Бас-
такы «Сэргэлээххэ» уонна «Нуоралдьы-
ма чара²ар» диэн сэ´эннэрэ устудьуон
ыччат уонна сэрии кэннинээҕи ыар
олох ту´унан этилэр. «Мэндиэмэннэр»
диэн романыгар хотугу куорат архитек-
тордарын, тутааччыларын ту´унан итэ-
ҕэтиилээхтик суруйбута. Кэлин утуу-
субуу «Тү´үлгэ» (1981), «Таас тумус»
(1984), «Сэбирдэх уута» (1986), «¥рдүк
арыылар» (1988) курдук сэ´эннэрин ки-
нигэтэ тахсыталаабыта. Сэһэннэригэр
кыра оҕо, эдэр ыччат олохторун, өй-
дөрүн-санааларын арыйбыта, «норуот
олоҕун бэлиэ кэмнэрин, национальнай хараахтар уратыларын
ойуулаабыта».
Н. Лугинов 1980-с сыллар ортолоругар суруйбут «Кустук»,
«Суор», «Сэргэ» сэһэннэрэ кини айар үлэтин ураты кэрдиис
кэмин туоһутунан буолаллар. Манна суруйааччы Киһи уонна
Айылҕа, Киһи уонна бүтүн Куйаар сыһыаннаһыыларын көрдөр-
бүтэ.
Н. Лугинов драматургия сайдыытыгар бэйэтин кылаатын
151