Page 149 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 149

Кэлэр кэскил килбиэнинии,
                        Киэн халлааҥҥа күлүмнэһиҥ!
                        Кыҥкынаһыҥ-лынкынаһыҥ!
                        Кынаккытын кылбаҥнатыҥ!

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

 1. Хоһооҥҥо уобарастааһыны бул.
 2. Ол уобараһынан ааптар ханнык санааны этэрин быһаар.

     Санаа сүрүн күлүүс тылын эбэтэр тылларын бул.
 3. Хоһоон сүрүн тыына, тиэмэтэ туохха анаммытын быһаар.
 4. Хатыланар устуруокалар туох суолталаахтарын көр.
 5. Эппиэккин түмэн сааһылаан кэпсииргэ бэлэмнэн, санааҕын

     атыттары кытта үллэһин.

                                                                           ЧИНЧИЙЭР ҮЛЭ

     Ырыа буолбут хоһоон. (Ким эмэ толоруутун булан иһит.
Ырыа буоларыгар туох көмөлөспүтүн быһаарарга холон. Онуо-
ха болҕой:

    — устуруока ахсаанын;
    — дорҕоон дьүөрэлэһиитин;
    — рифма арааһын;
    — уус-уран ньымаларын.
     Бу тиэмэҕэ литературоведтар эбэтэр суруйааччылар тугу
эппиттэрин булан туһан (Н. Н. Тобуруокап уо.д.а. Саха лите-
ратурата: 10 кылаас. — Дьокуускай: Бичик, 2006. — 98—
101 стр.)

         Кэпсэтиилэр

              Киириитэ

Кэпсэтэллэр… кэпсэтэллэр…
Киэһэ-күнүс кэпсэтэллэр,
Киирэ-тахса кэпсэтэллэр,
Кэлэ-бара кэпсэтэллэр…

Киоскаҕа — кэпсэтэллэр,
Килиэпкэ тур — кэпсэтэллэр,
Киинэни көр — кэпсэтэллэр,
Кинигэ аах — кэпсэтэллэр…

                             149
   144   145   146   147   148   149   150   151   152   153   154