Page 152 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 152
«Алампа, Алампа…», «Быра´аай» диэн айымньыларынан кил-
лэрдэ.
Аны историческай романы суруйууга холонно. Кини 1997
сыллаахха тахсыбыт «Чы²ыс Хаан ыйааҕынан» диэн айымньы-
та киэ² ааҕааччы сэ²ээриитин ылла, м³ккү´үүнү да таһаарда.
Н. Лугинов билигин айа сылдьар прозаиктарбытыттан су-
руйуулара кэрэхсэбиллээҕинэн, дири² философскай хайысха-
лааҕынан, иитэр-ү³рэтэр уонна эстетическэй дьайыыны о²о-
роро күүстээҕинэн у´улуччу миэстэҕэ турар. Онон кини Арас-
сыыйа да ааҕааччыларыгар сэ²ээриллэн, үгүс литературалаах
Арассыыйа биир б³д³² суруйааччытын бы´ыытынан биллэр.
Суор
Оҕонньор балаҕаныттан тахсан, ³ттүгүн харбаммытынан ол-
бу диэки олоотообутун к³р³н, Кырдьаҕас Суор кини туохтан
эрэ а´ара долгуйбутун, ыгылыйбытын эндэппэккэ биллэ. Бэл
к³нн³рү кэм²э тугу гынаары, ханна бараары гынарын курда-
ры сэрэйэн ылара. Дьиэтиттэн кыбынан тахсыбыт үтүлүктээх
бэргэ´этин дьэ кэтэн, күннээҕи үлэтин саҕалаата. Тэлгэ´этин
кыра´алаата, мас мастаата, биэтин илдьэ киирэн, ойбон ал-
ларан уулатта уонна таарыйа уу баста.
Онтон дьиэтигэр киирбэккэ, дүлү²²э олорон, хаппыт ха-
ты²ы кы´ан, сүгэ уктаабыта буолла да, санаата аймаммыта
³т³ к³ст³р.
Оҕонньор дьиппиэ долгуйуута лабааттан лабааҕа, мастан
маска к³´³н, сыыйа чугас эргин тыаны тилийэ к³тт³. Ону тыал
обургу хабан ылан салгыы илдьэ турда.
Са²а ки´и кэлиэхтээҕин ту´унан сонуну бары сэргии истэн,
аныаха диэри у²а-ха²ас уста сылдьыбыт бэйэлэрэ бүттүүн,
сааскы күн тахсарын кэтэ´эрдии, булчут балаҕанын ³р³ мы-
²аатылар. Тоҕо диэтэххэ, аны бу эргин ³т³р-наар са²а ки´и
т³рүүрэ биллибэт.
Са²а ки´и ту´унан кэпсэтииттэн туох да туора турбата. Бэл
үгүстүк са²арбат Ирикээлээх Орулхан кытары ли²кинэстилэр.
Барыларын Баай Байанай ба´ыйда. Са²а ки´иэхэ кини хайдах
курдук булт-алт басты²ын биэриэн бы´а билэллэр. Билигин
кини баара эрэ биир тү³´эйбит э´элээх, иккиэйэх эрэ тайах-
таах, кылааннааҕыттан соҕотох са´ыллаах эрэ. Ол эрээри ки-
ниэхэ ону ким да санатан сирэй-харах анньыбат.
Байанай оҕолуу ү³рүнньэ²ин уонна ³с киирбэҕин бэркэ би-
152