Page 153 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 153

лэр тыа мастара кини тугу да туойдаҕына, барытыгар с³бүлэ-
´эн хо²куна´аллар, к³рб³түгэр кистээн күлсэн суугуна´аллар.

    Арай хаппыт му²ураат суон мутугар соҕотоҕун сохсоллон
олорор Кырдьаҕас Суор ити кү³-дьаа кэпсэтиини барытын
и´иттэ да, кыттыспата. Кини кэннэ у´аан, иннэ кылгаан-кыл-
гаан кыл мүлчү ыган кэлэн эрдэҕэ, онон бараары сылдьар
бы´ыынан кэнэҕэски үйэлэри кэрэхсээбэт. Эгэ ол ту´угар
дьиксиниэ дуо? Хаалааччылар хайаатыннар даҕаны. Бу дойду-
га букатын кэриэтэ кэлбиттии сананааччылар дьиксинниннэр,
ыгылыйдыннар. Оттон Кырдьаҕас Суор биир суор саа´ана-
рын саа´анна. Онон кини үллэр үйэтигэр син балачча кы´ы-
ны, сайыны, күн-түүн солбу´алларыныы, к³р³н кэллэҕэ. Аны
үлүннэҕинэ, сүүрбэччэ кы´ыны туоруур дуу, сотору сойор дуу?
Тиис-тумус баранан, эт бэйэтэ элэйэн барда. Аны Аар Тай-
ҕа, Таас Дьаа²ылар, Улуу Эбэлэр иччитэхсийэн, быста дьа-
дайбыттарыттан уонна урукку курдук кэлэр-барар да м³лт³³н,
булан а´ыыр даҕаны кытаатта.

    Кырдьаҕас Суор ити эрээри са²а кэлэн и´эр ки´ини ким-
нээҕэр да долгуйа кэтэ´эр.

    Кыыс эрэ буолбатын, уол эрэ буоллун!
    Кыыстан киниэхэ туох ту´а кэлиэй? Кыыс оҕо ас тобоҕун
тохпутун арай тураахтар күтүрдэр эрэ кыаныахтара. Кини ха´ан
эргэ тахсан кими аҕалара биллибэт. Онно тиийэр саарбах.
Оттон уол оҕо т³р³³т³р, аҕыйах сылынан борбуйун к³т³хт³ да,
ол ыркыйга ту´ах иитэн биирдэ эмэ сылаас куобах хараҕын да
сиэттэр — ту´а. Онтон атын Кырдьаҕас Суорга наадата суох.
Ол оҕо улаатан бултуу дуу, атын ханна дуу барыан ту´унан
кини соччо кэрэхсээбэт.
    Т³´³ да му²нааҕын и´ин, бу орто дойду олоҕор кэтэ´иигэ
тиийэр дьикти аҕыйах. Олох олоруу диэн кэтэ´ии: ³рүү са²а-
ны, сонуну, со´уччу үчүгэйи, кыаллыбаты, суоҕу. ¥ксүгэр ха´ан
да туолбакка, сатаммакка тарды´аҕын, баҕараҕын.
    Оҕонньор кыы´а, иллэрээ кү²²э диэри чэпчэки баҕайы-
тык кэлэн-баран элэстэнэр бэйэтэ, бытааннык м³лб³²нүүрүн
к³р³³т, чуга´аабытын Кырдьаҕас Суор тута сэрэйбитэ. Мааҕын
сарсыарда ты² хатыыта оҕонньор ³рүс у²уоргу б³´ү³лэгит-
тэн к³т³ҕ³³ччү дьахтары тиэйэн аҕалбыта. Билигин кырдьаҕас,
кыстык ма´ыгар олорон эрэн, сүгэ уга кы´ар. Туттарыттан-хап-
тарыттан сылыктаатахха, олус долгуйар. £р сыллар тухары бо-
доруспут буолан, Суор кини санаатын эрдэттэн ³т³ сэрэйэр.
Бэл, ха´ан, ханна уонна туохха бултуу барыан баҕарарын кы-
тары эндэппэт этэ. Аны оҕонньор м³лт³³н дьиэтиттэн кыайан
ырааппат.

                                                                                                                                     153
   148   149   150   151   152   153   154   155   156   157   158