Page 150 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 150
Ханна тиий — кэпсэтэллэр,
Хаһан да буол — кэпсэтэллэр,
Ыксаа-бытаар — кэпсэтэллэр,
Ыарый-үтүөр — кэпсэтэллэр.
Пааркаҕа бар — сипсиһэллэр,
Баһаарга тиий — этиһэллэр,
Оскуолаҕа — үөрэтиһии,
Оттон суукка — көмүскэһии.
Телефоҥҥа — хаһыытаһыы,
Тыйаатырга — ааттасыһыы,
Дьиэҕэр сытыаҥ — ыаһахтаһыы,
Тиэргэҥҥэ буол — лахсыһыы.
Кэпсэтэллэр… кэпсэтэллэр...
Ким барыта кэпсэтэллэр,
Кэми-дьылы кэмпиэт курдук
Кэбийэллэр, эмэллэр…
Тыл аҥаарын бырахсыһан
Дьыала ыарын быһаарсаллар,
Дьыллаан-күннээн ньамалаһан
Чыычаах тумсун туораабаттар.
Кумаар тумсун кэпсэтэллэр,
Куйаар киэҥин сэлэһэллэр,
Бөҕү тиэйии сураһыллар,
Бүлүү баайа ырытыллар…
Кэпсэтэллэр… кэпсэтэллэр…
Кэпсэтиилэр элбэхтэр…
Кэпсэтииттэн биирин эмэ
Кэккэлэтэ кэпсиим эрэ.
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Кэпсэтии туһунан ааптар хайдах санаалаах олорон суруйбут
быһыылааҕый?
2. Биһиги ону туохтан сылыктыахпытын сөбүй?
3. Кэпсэтии да араастаах буоларын бэйиэт ханнык тылларыт-
тан көрөбүтүй?
4. Эн ордук ханнык кэпсэтиини бэйэҥ олоххор элбэхтик ис-
тэҕин?
150