Page 146 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 146

Сып-сылаас хаар,
                        Эн туллуккун,
                        Эн хоптоҕун,
                        Эн кынтайар кыталыккын,
                        Эн кылбаарар кубаҕын!
                        Эн сырдыккын, ырааскын
                        Мин сүрэҕим ылыахтын,
                        Эн бараммат ырыаҕын
                        Мин дууһам ыллыахтын!

? Ыйытыылар уонна сорудахтар

   1. Бэйиэт хаары хоһуйарын тэҥэ бэйэтин олоҕун, саха дьонун
       олоҕун-дьаһаҕын, кини айылҕатын сэргэ тутан көрдөрбүтүн
       дакаастаа.

   2. Ааптар уобарастааһыннарын испииһэктээ уонна ханнык бэ-
       лиэлэргэ олоҕурбутун быһаар.

   3. «Саха литературата» : 11 / П.В. Максимова уо.д.а. Дьо-
       куускай : Бичик, 2006» үөрэх кинигэтигэр 82 страницаҕа
       П. Тобуруокап ырыа форматын айар ньымата сиһилэммит
       утаҕынан хоһооннор уус-уран өрүттэрин ырыт, түмүктэ оҥор.
       Онно табылыыссата оҥор.
      1-кы кэккэҕэ «Ырытыы хаамыыта»:
      тиэмэтэ;
      уобараһа;
      устуруока ахсаана, наарданыыта;
      ? (төһө баҕарар салгыаххын сөп).
       2-с кэккэҕэ «Бэйэ санаата, холобурдар» диэн суруй уонна
       үлэлээ.

         Тыыннаах тыл

   Сөбүлээбит хоһооҥҥун эбэтэр поэматтан кэрчиги өйгө үөрэт.

                                                            АЙАР, АЙЫМНЬЫЛААХ ҮЛЭ

   1. П. Тобуруокап уобарастааһынын туһанан, хоһоону суруйар-
       га холонуу.

   2. П. Тобуруокап хоһоонноругар төрөөбүт дойду айылҕата.
   3. Бэйиэт хоһоону холбуур ньымата.

146
   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150   151