Page 143 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 143

Хатыыс маҥан хаарыам!
Өр соҕус туран,
Өйдөөн, болҕойон көрдөххө:
Үүт маҥан хаары үрдүнэн
Үөмэх сулус кэриэтэ,
Үчүгэйкээн араас өҥнөөх
Үгүс-элбэх
Үөр кыымнар
Кылаһаллар,
Кылабачыһаллар,
Кыынньаллар буолбаат!
Хайдах эрэ
Чыпчылаҥ эрэ устата
Тыллан,
Тырым гынан ааһар
Тыыннаах сибэкки курдуктар.
Буурҕа модуна да түһэн
Буолактарга, толооннорго
Будулуйа оонньоотоҕуна,
Бэл сонно даҕаны мин
Минньийэ таптаабыт сүрэхпэр
Буурҕа, тыал буолбакка,
Кып-кыра
Кытыгырас да кытыгырас
Муус маҥан таҥастаах
Бойборуспут оҕолор
Буурҕаны, тыалы
Буур табалыы көлүнэн,
Көстүбэт дьэҥкир наартанан
Күнү быһа
Күөллээх алаас устун
Көтүтэн-сүүрдэн
Көччүйэргэ дылылар.

Эн,
Кылбайар кыраһа хаар,
Эбээн, саха дьонун
Эрэйдэрин чэпчэппит
Эрэллээх доҕорбут буолбаккыан!
Эйигинэ суох
Эргэнэ хара тыабыт
Эриэн-эгэлгэ
Элбэх кистэлэҥин

                                143
   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147   148