Page 140 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 140
Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтү³лээх үлэ´итэ, Пётр Тобу-
руокап тылларыгар сүүсчэкэ ырыа мелодиятын айбыт Аркадий
Алексеев этэр.
Ааҕыы, ырытыы
Саҥа хаар
Саҥа хаар, ыраас хаар
Түһэр да түһэр,
Туох эргэ, өлбүт баар —
Барытын бүрүйэр.
Бүрүйэр хам хаппыт,
Тубарбыт хонууну,
Бүрүйэр хараарбыт,
Чуҥкуйбут ойууру.
Саҥа хаар, ыраас хаар
Саас ууллуо, быһыттыа,
Дойдубут күөх унаар
Сабыылаах аһыллыа!
Тула өттүм тула хаар
Тула өттүм тула хаар, Тула өттүм тула хаар,
Чуучугуруур тунал хаар! Чуучугуруур тунал хаар!
Үрүҥ көмүс оһуор тыа Курупааскы ойуулуур
Симэхтэрэ илирдиир, Кыраһата кылбарда,
Кылбачыйар кыым кырыа Халыһыйар, дьурулуур
Күн уотугар дьиримниир. Хайыһарым кыйаарда.
Тула өттүм тула хаар, Тула өттүм тула хаар,
Чуучугуруур тунал хаар! Чуучугуруур тунал хаар!
Хотоол хонуу сирдэрбэр Халысханнаах сыырдарбар
Хомурахтар хоммуттар, Хайыһарбын салайдым,
Ыарҕа талах кэриилэр Ыраас кылбаҥ хаардарбар
Ыллыктара оспуттар. Ыллыы-туойа дьаарбайдым!
140