Page 137 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 137
устар халҕаһа муус уол ылыммыт санаатын ыһыгыннарбатахта-
ра, соруктаммыт соругун төлөрүппэтэхтэрэ. Уҥуоргу кытылга
кинини күүтэр уон уоттаах тэллэхтээх кэрэ кыыс оҕоҕо дьу-
луһан испитэ. Имэҥнээх Таптал кини өйүттэн өлөр-өһөр диэн
тугун киэр кыйдыыра, уордаах уорааҥҥа оҕустаран улуу өрүс
тоҥ муус түгэҕэр дьуоҕарыам диэн санаан да көрбөтө. Дьол,
таптал эрэ туһунан кини саныыра.
Аҕа эрэйдээх эмиэ хараҕын аһан уолун одууласпыта. Адаар
муустар арҕастарыгар уола билигин даҕаны баара. Кини уолун
модун муус үлтү охсон, улуу өрүс өссө даҕаны ыйыста илигэ.
Уола ырааттар ыраатан, уҥуоргу кытылга күүтэр аналлааҕын
диэки бардар бара турбута. Уола аҕатын тылын истибэккэ,
киниттэн ордорбут, таптаабыт кыыһыгар бардаҕа… Ол эрээ-
ри маҥхайбыт бытыга сэпсэйэн, уола киниттэн тэйэн ыраат-
таҕын, уҥуоргу кытылга чугаһаатаҕын аайы улам сирэйэ-ха-
раҕа сырдаан испитэ. Итиччэ сырдык тыынын толук ууран,
итиччэ имэҥнээхтик ымсыыран-баҕаран таптаабыт кыыһыттан
хайаатар даҕаны үтүө төрүөх үөскүөх тустаах. Ахтар Айыыһыт,
Эдьэн Иэйэхсит барахсаттар хайдах даҕаны сыыһыахтарын са-
таммат. Кини этэ-хаана — кини уола онно тиийэн түөрт улууһу
төрүттүө, уон улууһу ууһатыа.
Оттон улуу өрүһү уҥуор туораан утары иһэр уолу көрөн тур-
бут кыыс аҕатын кыыһырбыт уоҕа бэркиһээһининэн солбул-
лубута, оттон бэркиһээбитэ сөҕүүгэ кубулуйбута: «Оо, Ахтар
Айыыһыт абылаҥа алыс да буолар эбит! Өлөр диэни утуйарга
холоон, суон тыынын моонньох оҥостон бу уол кэллэҕэ эчи
сүрүккэтин эбитин! Дьэ, итиччэтигэр буоллаҕына мин соҕотох
оҕобун, көрдөр хараҕым дьүккэтин, көтүрдэр тииһим миилэтин
итиччэ таптыыр, итиччэ хорсун-хоодуот киһини мин бу Орто
Аан Ийэ дойдуттан буларым аата суох. Киискэ-саарбаҕа кис-
тэммит, көмүскэ-мөһүүрэҕэ сууламмыт улуу уустар муҥ баай-
дарын уолаттара бу хорсун-хоодуот уол курдук таптыахтара
буолуо дуо мин оҕобун? Кини курдук мин оҕом иһин үрүҥ
тыыннарын үктэл оҥостунуохтара үһү дуо? Мин оҕом, мин
сүрэҕим чопчутун туһугар?! Суох! Суох!» Кыыс аҕата оҕонньор
эмискэ аны уол эндиргэ эчэйбэккэ, очурга оҕустарбакка өрүһү
этэҥҥэ туоруон баҕаран кэлбитэ, кини оҕотун хоойго сытар
холоонноох доҕоро, тэллэххэ сытар тэҥнээх киһитэ буолуон
баҕарбыта. «Кэбис, арааһа, мин эдэрдэр имэҥнээх тапталла-
рын мэһэйдээбэтэхпинэ сөп буолсу. Аан Чэлбэр Айылҕа ба-
рахсан айбыта оннук буоллаҕа! Буолуохтааҕын курдук буол-
лун!» — диэн баран оҕонньор киһи ууттан кытылга тахсан эрэр
137