Page 142 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 142

Хаарыам!
                        Хаарыаннаах
                        Хатыыс маҥан хаарыам!
                        Эн туллуккун,
                        Эн хоптоҕун,

                               Эн кынтайар кыталыккын,
                               Эн кылбаарар кубаҕын!
                        Мин норуотум,
                        Мин дьонум,
                        Эн сырдык чаҕылгар суунан,
                        Дууһалара мэлдьи ыраас,
                        Эн суорҕаҥҥынан сууланан,
                        Сүрэхтэрэ сылаас.
                        Төрөөбүт күммэр миигин
                        Эн уугунан сууйбуттар,
                        Эн эриэккэс мичилгин
                        Мин дууһабар куппуттар.

                        Аан бастаан олох буукубатын
                        Эн урсуҥҥар аахпытым,
                        Кырынаас кутуйаҕы соспутун
                        Чааркаан сүгэн батыспытым.

                        Күлүмүрдүүр
                        Көмүс мөһүүрэни
                        Эн титириккэ ыйыырыҥ,
                        Күн чаҕылларын тутан ылан,
                        Мэ, оонньоо диэн уунарыҥ.
                        Мин хара төрүөхпүттэн
                        Эн оҕоҥ этим,
                        Саас хоту көтүөххүттэн
                        Ахтаммын иэдэйэрим.
                        Ким да миэхэ
                        Тииҥ суолун
                        Бу диэн көрдөрбөтө,
                        Сымнаҕас,

                               нарын диэн туохтарын
                        Сатаан өйдөппөтө,
                        Арай эн үөрэппитиҥ
                        Мындыр ойууһут буоларга,
                        Намчы, нарын оһуордары
                        Муус түннүктэн буларга.
                        Хаарыам,
                        Хаарыаннаах

142
   137   138   139   140   141   142   143   144   145   146   147