Page 138 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 138

уолу чарапчыланан көрбүтэ уонна үс курдуулаах моҕол ураһа-
тыгар киирэн хаалбыта.

    Уол хорсун быһыытын көрөн туран, санаалара уларыйбыт
оҕонньоттор алгыстарын курдук, уол этэҥҥэ кытылга үктэм-
митэ. Уу чоккурас буола ньылбы сытыйбыт, ол эрээри дьо-
луттан-үөрүүтүттэн сиргэ таба тирэммэт буолбут уолу күүтэн-
кэтэһэн турбут кыыс быраантан таҥнары сүүрэн киирэн кууһа
түспүтэ…

    Улуу дьолтон туймаарыйбыт уоллаах кыыс атахтарын ан-
ныгар куугунуу эҥсиллэр көмүөлгэ букатын даҕаны кыһаммак-
ка, кинилэр истэригэр иитиллибит имэҥнэригэр, тастарынан
дьалкыллар дьалыҥнарыгар баһыйтаран, ыбылы куустуспутта-
ра, уохтаахтык уураспыттара…

    Оттон аллара сибилигин аҕай мэҥиэстэн кэбиһиэх курдук
кэбилэммит улуу өрүс кини күүһүн-күдэҕин, кини уорун-кылы-
нын баһыйбыт улуу дьолго — Уохтаах Тапталга уруй ыллаан
ньирилии-ньиргийэ сыппыта.

           Тыыннаах тыл

    Хоту сир улуу өрүстэрин көмүөллэрин күүһүн ойуулуур-
        дьүһүннүүр тыллары туттан бэйэҥ тылгынан кэпсээ.

    Айымньыга Таптал уонна Өлүү мүһүлгэннээх кирбиитэ өйү-
        сүрэҕи өрүкүтэрдик ойууланар түгэннэрин булан аах.

    «Өлөр Өлүүнү баһыйар күүстээх бу Орто Аан Ийэ дойду-
        га Таптал эрэ буолуон сөптөөх дуо?» диэн ыйытыы тула
        диспутта тэрийиҥ.

Анаан дьүүллэһии

    1. «Аан Чэлбэр Айылҕа барахсан өлбөт-сүппэт Улуу Эргиирин
        уйулҕаннаах оонньуутугар кыттыспытынан барбыттара»
        диэн этии ис номоҕун тойонноон көрөргө кыһаллыҥ.

    2. «Хотугу сир улуу өрүстэрин көмүөллэрин күүһүттэн ор-
        дук уохтаах-уордаах, суостаах-суодаллаах саха киһиэхэ
        ама туох баар буолуой?!» Ааптар көмүөл күүһүн туохха
        холообутун быһаарсыҥ. Хотугу сир улуу өрүстэрин майгы-
        ларын туһунан сэһэргэһиҥ.

    3. Аныгы киһи Ахтар Айыыһыт, Эдьэн Иэйэхсит ааттарын
        олох ханнык түгэнигэр ахтан-санаан ааһыан сөбүй?

    4. Былыр-былыргыттан сахаларга «Уу чугаһа, уруу ырааҕа ор-

 138
   133   134   135   136   137   138   139   140   141   142   143