Page 139 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 139
дук» диэн өс хоһооно туох суолтаҕа туттулларын быһаар-
сыҥ.
5. Ыччат, норуот туох иһин охсуһуутун, туруулаһыытын кө-
мүөл күүһүгэр тэҥниэххэ сөбүй?
П¨ТР НИКОЛАЕВИЧ ТОБУРУОКАП
Саха норуодунай бэйиэтэ
(1917—2001)
Айар үлэтин оҕо суруйааччытын уон-
на лирик-бэйиэт бы´ыытынан саҕа-
лаабыта. Ол ту´унан Пётр Тобуруокап
маннык кэпсиир: «Мин суруйар идэнэн
оскуолаҕа ү³рэниэхпиттэн дьарыктам-
мытым. Онтон биирдэ 1928 сыллаах-
ха эркин ха´ыатыгар бастакы хо´оо-
нум тахсыбыта. Ол хо´оонтон айдаан
буолбута. Бииргэ ү³рэнэр кыыспын хо-
´уйбутум:
Нааста эдэр сиэстэрэ
Намылхайдык хаамара,
Доруобайдыыр тү³стэрэ
Долгуйа устара.
Дьэ миигин комсомольскай мунньахха дьүүллээн, ийэ-хара
к³л³´үммүн та´аараллар. Бу били²²иттэн, сиртэн быга илик-
тэриттэн, кыыс тү³´үн хо´уйаллар, сатарыйыы барда диэн буо-
лар, хата ону учууталым Г. Н. Хабыччаров быы´аабыта.
Ол курдук кытаанах уруогу ылан турардаахпын. Литерату-
раҕа киириим онон барыта эриэ-дэхси буолбатаҕа, сыы´а-хал-
ты этии ханна барыай… Ол да буоллар син у²а-ха²ас бэр-
сэн, бэйэм күү´үм кыайарынан үлэлээтим. Таптыыр жанрым
дьи²э юмор, сатира этэ. Оттон бу норуот лирическэй ырыаны
ордороруттан дуу, үксүн таптал ту´унан мин тылбар бы´а хо-
лоон билигин 170-ча ырыа ылланарын билэбин. Бэйэм барыта
31 кинигэлээхпин.
Кэлин пьеса суруйуутугар холонобун. Ньурба драматичес-
кай тыйаатыра мин икки пьесабын туруорар».
«Мелодистар Пётр Тобуруокабы музыкальнай бэйиэт диэн
ааттыыллар, ол курдук кини хо´оонноро ырыаҕа тахсымтыа,
тыллара-³ст³р³ чочуллубут, сү´ү³хтэрэ, рифмалара чуолкай
буоланнар, бэйэлэрэ музыканы аҕалаллар», — диэн Саха
139