Page 141 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 141
? Ыйытыылар уонна сорудахтар
1. Хоһооннору аах. Хараххар ханнык хартыына ойууланарый?
Бэйиэт хаары ханнык эпитеттэри туттан ойуулууруй?
2. Ол ойуу тыллар кини ханнык иэйиитин туоһулуулларый?
3. Бэйиэт үөрбүтүн, санаата көтөҕүллүбүтүн ханнык биир сү-
рүн устуруокаттан көрөбүтүй? Ааптар хайдах олохтоох, хан-
нык майгылаах-сигилилээх киһи быһыылааҕый?
4. Алын кылааска Алампа хаар уобараһын туттубут «Төрөөбүт
дойду» хоһоонун санааҥ эрэ. Хаары ойуулааһын үөрүүнү,
астыныыны эрэ кытта сибээстээх дуо?
5. Ол аата биир уобараһынан хоһоонньуттар тус-туһунан иэйии-
ни, санааны этиэхтэрин сөп эбит диэн түмүктүүбүт уонна
хаар туһунан эбэтэр хаар нөҥүө бэйэҕит санааҕытын (сөхпүт,
астыммыт, киэн туттубут, санаарҕаабыт, хомойбут, соҕотох-
суйбут, о.д.а.) кылгас хоһоонунан биэрэргэ холонуҥ.
Хаар
(Поэма)
Хаар!
Сүөгэй күүгэнэ хаар!
Мип-минньигэс хаар!
Сыа сымнаҕас хаар!
Тоҕо мин урут, доҕоччугум,
Таба көрбөтөх бэйэккэбиний?
Тоҕо мин доҕотторум
Дьоһуннаан туойбатах эбиттэрэй?
Эн тыынар салгыммын мүөттүүгүн,
Эн хаамар сирбин көбүөрдүүгүн,
Эн миэнэҕин,
Эн биһиэнэҕин —
Сахалар киэннэрэҕин!
Эйигинэ суох сир ийэ
Тугунан
тунаара,
тумарыктыйа
тупсуо этэй?
Эйигинэ суох кини сирэйэ
Тугунан туртайыа,
туналыйыа эбитэй?
141