Page 145 - Литература 9 кылаас 2 чааһа
P. 145

Хаарыаннаах
Хатыыс маҥан хаарыам!
Сыарҕа сыҥааҕа
Сыыйыллан бардаҕына,
Истэ иликпин мин
Эн курдук ырыаһыты,
Икки атахтаах
Итии сүрэҕин
Иэйии имэҥинэн иирдэр
Имигэс,
Илбис тыллааҕы.
Эн
Таас чопчу буолан,
Таммалаан лыҥкынаатаххына,
Күтүр күүстээх тымныыттан
Көлбөҕүрбүт күммүт
Күлэ түһэргэ дылы,
Мэҥэ халлаан сирэйэ
Мичиҥнииргэ дылы.
Эн
Томтор аайыттан
Чурулуу туойдаххына,
Тырытыа аайыттан
Чырылаан бардаххына,
Чараас-чараастык
Чарылаатаххына,
Нарынтан-нарыннык
Чаҕаардаххына,
Күрүлгэннэр аайы
Күлэ оонньоотоххуна,
Дириҥ көҥүстэргэ
Ньирилээн тиийдэххинэ,
Күөрэгэй чыычаах
Күөрэйэ көтөн тахсан
Күнү быһа үтүктэр,
Кэҕэ көтөр
Кэриини бары кэрийэн
Кэрээбэккэ кэпсиир,
Куба кытта хоҥкунаһар,
Кыталык кытта кыҥкынаһар!
Хаар!
Сүөгэй күүгэнэ хаар!
Мип-минньигэс хаар!

                            145
   140   141   142   143   144   145   146   147   148   149   150